ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

испиэскэ

аат тыл

Нууччалыы известь; гидроксид кальция

English lime, calcium hydroxide

1 аат тыл #

Нууччалыы известь; гидроксид кальция

English lime, calcium hydroxide

  • испиэскэ таас
    известнякlimestone

2 #

Хайа тааһын (боруодатын) уматтахха (ууга суурайдахха) үөскүүр үрүҥ дьүһүннээх бэссэстибэ, оппуоха

Нууччалыы Известь; известка

  • көр испиэскэ тааһа. Итинник этэрээттэр уонна ыстаансыйалар, холкуостары уонна сопхуостары кытта дуогабардаһан, холобур, испиэскэни, туорпаны хостооһуну уонна сиргэ ыһыыны, мелиоративнай, сири хаһар үлэлэри ыытыах -- этилэр.
    ХС
  • Куорат тулатынааҕы улуустар тутуу маһын, испиэскэни таспыттар. П. Филиппов
  • Испиэскэни тоҕо түһэрэн кэбиһэн, биир оҕонньортон улаханнык мөҕүлүннэ.
    А. Федоров
Өссө холобурдар (3)
  • Испиэскэ бырдаҥалаабыт хара таҥастаах штукатурщиктар, бу быыкаа харачаан мааны кыыһы -- сэнээбиттии көрөн хаалаллар.
    Л. Попов
  • Почваҕа кумахтан, быылтан, ньамахтан ураты элбэх кунус [перегной] уонна испиэскэ баар буоллаҕына, структуралаах буолар. ФНС О
    С. Тэҥн
  • оппуоха

3 этии #

Нууччалыы Известняк, известковый шпат

Этиилэр

Испиэскэ тааһа

испиэскэлээх хайа боруодата Испиэскэ тааһын дьапталҕата халыҥ буоллаҕына, уу киниэхэ улахан хаспахтары да хаһан кэбиһиэн сөп.

  • СПН СУГ

«И» буукуба