Перевод с якутского
ити
туоһулааччы, солбуйар аат, тыл, аат тыл
Нууччалыы этот
English this, these
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
ый. солб. аат
"Ити оҕо Никита диэн. Кини аҕата ол олорор," – диэтэ Василий Тимофеев, кэтэҕэриин орон диэки ыйа-ыйа. Амма Аччыгыйа Ити куорап кэннигэр арбуһу баттаабакка, кыбыллан олоруҥ! Эрилик Эристиин Ити тыраахтар өйүүн бу чараҥҥа сиэйэлкэнэн бурдук ыһа кэлиэхтээх. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (4)
Бүгүн ити сарайга баар бурдук быһар массыынаны көрөн, өссө өрөмүөннүөххэ наада. С. Ефремов 2 Тугу, кими эмэ тоһоҕолоон, бэлиэтээн биэрэр. Θ Употребляется для подчеркивания, усиления значения предмета речи. Тоҕо бу курдугуй, киһи тоҥор, оттон чычып-чаап тоҥмот? Манна ханнык күүс баарый? Мин айылҕаттан ити боппуруоһу ыйытыахпын баҕарабын!
Суорун ОмоллоонХата, ити Иван Степанович баар буолан, сотору тутулуннулар буолбат дуо? С. Ефремов Ити кэпсэтиини истэн баран Василий Григорьевич Трофимов бэркиһии санаата И. Данилов
2 аат тыл #
Чугас соҕус баар предмети ыйан көрдөрөр (бу диэннээҕэр ырааҕы, ол диэннээҕэр чугаһы)
Нууччалыы Указывает на предмет, находящийся вблизи кого-чего-л. (находящийся дальше, чем бу, но ближе, чем ол)
3 #
ыан т
Оттон ити Дьөгүөрдээн охсуһар буолла дии. Амма Аччыгыйа Аччыгый уолбут ити улаатта, Айан суола кэҥээн, ыраатта. С. Васильев Илиилэриттэн сиэттиһэн ити кинилэр иһэллэр Т. Сметанин
Өссө холобурдар (3)
Саҥарааччы ыйытыыны этэн, ыйан чопчулаан бэлиэтиирин көрдөрөр. Θ Выражает субъективное подчеркивание, усиление вопроса. Ити тоҕо мунаардаҕай? А. Федоров Тыый, баачыкаа, ити туох диэн ыйыттаҥый? А. Софронов Киммитий, доҕоор, ити? В. Яковлев
4 #
Саҥарааччы этиллэр санааны ыйан, чопчулаан бэлиэтиирин көрдөрөр
Нууччалыы Выражает субъективное подчеркивание высказываемой мысли путем указания (это)
5 #
уур сэрэйэр киэбин кытта туттуллан, саҥарааччы быһааран, түмүктээн этиитин күүһүрдэр, көрдөрөр (ити аата)
Нууччалыы С глаголами предположительного наклонения усиливает и выражает пояснение, заключение говорящего (значит)
Аҕыалай обургу, ити, уу баһа бардаҕа.
П. ОйуунускайИти, соҕуруу бассабыык этэрээтин кытта сибээскэ бардахтара дии С. Ефремов Саҥарааччы түмүктээһиннээх санаатын, түмүгүн күүһүрдэр, көрдөрөр (бу). Θ Выражает заключительную мысль, вывод говорящего (вот и). Көр, учуутал көһүннэҕэ ити. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
Сэһэргэһии аһылыннаҕа ити. Амма Аччыгыйа Иккис эрэннэриитин кэстэҕэ ити! В. Яковлев