Перевод с якутского
иэстэбил
аат тыл
Нууччалыы наказание, привлечение к ответственности за противоправные, незаконные действия. [Мөссүйүөҥҥэ] күннээҕи үөрэх устатыгар сахалыы саҥарыллыбат. — Алҕаһаан, сахалыы саҥаран кэбиһии бэрт элбэх
1 аат тыл #
Туох эмэ көҥүллэммэти, сатамматы оҥорбутун иһин буруйдааһын, буруйдаан ситиһии
Нууччалыы Наказание, привлечение к ответственности за противоправные, незаконные действия. [Мөссүйүөҥҥэ] күннээҕи үөрэх устатыгар сахалыы саҥарыллыбат. — Алҕаһаан, сахалыы саҥаран кэбиһии бэрт элбэх
Ол иэстэбилэ судургу. Буруйдаах киһи төҥкөйөн биэрэр... Күннээҕи дьуһуурунай оройго охсор. Амма Аччыгыйа Бу орто дойдуга ханнык да сыыһа-халты быһыы иэстэбилэ суох хаалбат. Софр. Данилов. Зачеттары кини кыайбат буолбатах, урукку итэҕэс-быһаҕас сылдьыбытын иэстэбилэ күөрэйэн тахсан иэдэтэр
Н. Лугинов
2 аат тыл #
Алдьархайы, иэдээни, өлүүнү таһаарбытын иһин ыардык ситиһии
Нууччалыы Месть, кара за преступление, совершенное зло
Иэстэбилэ суох Ииннэммэт киһи буолуом, Төлөбүрэ суох Түҥнэстибэт киһи буолуом.
П. ОйуунускайНьиэмэстэр бэйэлэрин төрүт сирдэригэр суостаах иэстэбил ыар-дьааһын тиҥилэҕэ үктэммитэ. П. Егоров Туолла бүгүн күүппүт чааспыт, Туругурдун иэстэбил, Хинган арҕаһыгар саспыт Киҥ-хаан өстөөх эстиэхтин! А. Абаҕыыныскай