Перевод с якутского
иҥиирдээх
даҕааһын
Нууччалыы сухожильный, с сухожилием
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
даҕ
Күүрээннээх көҕүстээхтэр, күүрбүт иҥиирдээхтэр Күөх төлөнү күксүтэн, күйгүөмнээх күөтү күөртээҥ!
П. ОйуунускайХос иҥиирдээх быһыылаах. И. Гоголев Давыдов киһитин кытаанах иҥиирдээх сиһин кууста. М. Шолохов (тылб.)
2 даҕааһын #
Быччыҥнары холбуур утахтардаах
Нууччалыы Сухожильный, с сухожилием
3 даҕааһын #
Илиитигэр күүстээх
Нууччалыы Физически сильный
"Көр, бу чахчы иҥиирдээх киһи эбит. Уруккум гынан баран тутуһан-хабыһан көрдөрбүн," – диир Кыынньар, мүһэ туттара-туттара. А. Федоров Били Митя уол барахсан иҥиирдээх киһи эбит, саһылларын икки күннээҕи аһылыктарын барытын бэлэмнээтэ, ити үлүгэр элбэх эти сүктэ-таста А. Сыромятникова
4 даҕааһын #
Ыарахан, сылаалаах үлэни, кыһалҕаны тулуйар, сындалыйбат
Нууччалыы Выносливый, двужильный
Ол аайы, соруйан кыһайбыт курдук, мин дьонум буолуохсуттар кубулуппакка, үлэ үксүн, кытаанаҕын үлэлэтэн истилэр. Мин хайдах сытан хаалбакка сылдьыбытын бэркиһиибин, киһи да иҥиирдээх буолар эбит этэ.
Суорун ОмоллоонДьэ сылайбат иҥиирдээх, сынтарыйбат сыралаах, өлбөөдүйбэт өргөстөөх хорсун хотойдор этилэр И. Бочкарев