ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иҥиэтин

туохтуур

Нууччалыы делать медленно, весьма многозначительно небольшой поворот всем корпусом, повести корпусом (в знак недовольства, несогл…

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Инньэ диэн баран, оҕонньор иҥиэттэн, көхсүн этитэн кэбистэ.
    Н. Заболоцкай
  • Лука кыыһырда, иҥиэтиннэ: "Бэрт дьон баалларына" – диэт, олорон кэбистэ.
    М. Доҕордуурап
  • Кырдьаҕас ойуун, кинини хоһулуур сураҕы истээт, иҥиэттэн кэбистэ.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • "Доҕоор, эдэрдэрбит ырааппыттар дии, быһыыта," – эр киһи дьахтарын диэки иҥиэтиннэ
    А. Данилов

2 туохтуур #

Бүтүн бэйэҕинэн аргыый аҕай ыараханнык хамсан (үксүгэр тугу эрэ сөбүлээбэккэ)

Нууччалыы Делать медленно, весьма многозначительно небольшой поворот всем корпусом, повести корпусом (в знак недовольства, несогласия с чем-л. и т. п.)

3 туохтуур #

Саҥата суох сөҥүөр; дьиппиний, кытаанахтык тутун, олор

Нууччалыы Погрузиться в тяжелое, напряженное молчание; замыкаться в себе; принять напряженную позу, выражающую недовольство

  • Өр соҕус ол курдук иҥиэттэн олорбохтоон баран, судьуйа эмискэ күргүйдээн тоҕо барар.
    Н. Якутскай
  • Чаччыына иҥиэттэн, ороно Хааҕырҕаан хайыта уһуйда
    Эрилик Эристиин
  • Киһи кутун-сүрүн баттыах курдук иһийэн, сабардаан тур. Θ Воцариться (о мертвой тишине). Дьиэ иһэ чуумпу, иһиллээбит курдук, иҥиэттэн турбута.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Тула өттүбэр Эркин хайалар иҥиэттэллэр, Төбөлөрүн Тоҥ былыттарга кистииллэр
    С. Данилов

4 туохтуур #

Ыраахтан сыыйа чугаһаан улаатан, улуутуйан эҥсилгэннээхтик тыаһаа

Нууччалыы Постепенно наращивая, протяжно гудеть

  • Онуоха Байҕал ыдьыга барыта Барылыы оргуйа түстэ. Ыйыстаҕастык ыйылаабытыгар, Идэмэрдээхтик иҥиэттибитигэр Сир ийэ Иҥнэстиэр диэри ньиргийдэ.
    С. Зверев
  • Сир-халлаан өрө титирэстээбитэ. Бүлүмүөттэр татыгырыыллар, буускалар иҥиэттэллэр.
    И. Федосеев
  • Ол кэрэхтээх тииттэр тыаллаах күн суостаахтык ыҥыраналлар, ынчыктыыллар, иҥиэттэллэр
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Иһиҥ түгэҕиттэн ыган таһаарар курдук иэрийэ сөҥүдүй. Θ Выдавливать из самого нутра протяжный шум; говорить густым, низким голосом. Аан холуодатыгар өйөнөн туран, утуу-субуу хаста да иһин түгэҕиттэн иҥиэттэн саҥа таһаарда, дириҥник уһуутаан түүҥҥү сөрүүн салгыны эҕирийбэхтээтэ. Софр
    Данилов

«И» буукуба