ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иҥнэр

туохтуур

Нууччалыы наклонять, накренять что-л. набок

1 туохтуур #

Тугу эмэ (хол., иһити) кыҥнары тут

Нууччалыы Наклонять, накренять что-л. набок

  • Уҥа илиитигэр тутан турбут куруускатын уот үс өттүгэр иҥнэрэн ас кутта.
    П. Филиппов
  • Хобочук ньаалбаан үүдэһиннээх чааскытын иҥнэрэн, итии чэйин бүлүүһэҕэ куттан дьалкыһытан иһэн, биллэрик түннүккэ сыстан, эҥээргэ тиийэн эрэр дьону батыһа көрөн дьэбидийбит
    П. Аввакумов

2 туохтуур #

Күүскүнэн ньүдьү балайдык саба баттаа-үктээ; алдьат-айгырат; өлөр-сүтэр

Нууччалыы Расстраивать, разрушать, уничтожить (посредством грубой силы)

  • Икки атах аймаҕын Этин сэймэктииргэ, Кэрдэн кэйгэллииргэ Илбиһирэн турбут, Иҥнэрэр эрэ идэлээх Түөкүн бииһин сэриитэ -- Түөкүннүү түрбүөтээн түспүтэ.
    Саха фольк
  • Орто дойду дьолун тохтордулар, төрүүр оҕо уйатын түҥнэрдилэр, иитэр сүөһү күрүөтүн иҥнэрдилэр. Ньургун Боотур. Алтан Харах онтон кыһыйан-абаран, Болтоһуну иин курдук иҥнэрэн баарта үһү.
    Күннүк Уурастыырап
  • Киһи төрдүн иҥнэрбит дьоннор
    ХС

«И» буукуба