ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иҥнэһин

туохтуур

Нууччалыы опрокинуться, сильно накренившись, свалиться. [Ыраахтааҕы саҕана саха кырата] кураанах чорооно иҥнэстэн баран -- хоппотун үрдүгэр олорон эрэ ытыы олороохтообута

1 туохтуур #

Иҥнэйэн оҕун, түҥнэһин

Нууччалыы Опрокинуться, сильно накренившись, свалиться. [Ыраахтааҕы саҕана саха кырата] кураанах чорооно иҥнэстэн баран -- хоппотун үрдүгэр олорон эрэ ытыы олороохтообута

  • көр иҥнэй. Бузулук элбэх иҥнэстибит дьиэлэрин быыстарынан -- бааһынай оҕонньотторо аалыҥнаһаллар.
    Эрилик Эристиин
  • Ревком иҥнэстибит эргэ дьиэтигэр киһилэрин -- киллэрдилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Отуубут буоллаҕына тоҕо эрэ иҥнэстэн, симэхсин эмээхсин кэлтэччи үктээн кэбиспит олооччутун күн уотугар кууртаҕа буолан иҥнэри быраҕан кэбиспитин курдук буолан көстөр. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
  • Эргэ харааран хаалбыт кириэстэр иҥнэстибиттэр, сорохторо умса, сорохторо тиэрэ түһэн сыталлар.
    М. Шолохов
  • (тылб.)

2 туохтуур #

Буорай, эһин, өл-сүт

Нууччалыы Гибнуть, погибать, пропадать

  • Эҥинэ да бэйэлээхтэр Иҥнэһиннилэр, Дьороҕоно да сотолоохтор Тоһутталаннылар, Үтүө да мөссүөннээхтэр Үлтүрүйдүлэр.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Аан дойдулара Атыйах курдук айманна, Ийэ сирдэрэ Иин курдук иҥнэһиннэ.
    П. Ойуунускай
  • Миигин да өлөрөн ордук үтүө ааттаныаҥ суоҕа. Дьөссө тыыныҥ ыарыа, күлүгүҥ хараарыаҕа, төрүүр оҕоҥ уйата мөлтүөҕэ, иитэр сүөһүҥ күрүөтэ иҥнэстиэҕэ
    Ньургун Боотур

3 этии #

Илиилээхтэн иҥнэстимэ, ойоҕостоохтон охтума алгыс. – утарылаһааччыгар хотторума, өстөөххөр кыайтарыма Илиилээхтэн иҥнэстибэтин, ойоҕостоохтон охтубатын, татаар тыллаах таба эппэтин, уоттаах харахтаах утары көрбөтүн. Саха фольк

Нууччалыы Не знать поражения в схватке с врагом (букв. от имеющего руки не опрокидывайся, от имеющего ребра не падай)

«И» буукуба