Перевод с якутского
таҥнаһын
туохтуур
Нууччалыы перевернуться вверх дном или повалиться набок, опрокинуться
1 туохтуур #
Тас иэҥҥинэн тиэрэ эбэтэр ойоҕоскунан түс (туох эмэ улахан, көлөттүгэс айаннаан иһэн, хол., көлө)
Нууччалыы Перевернуться вверх дном или повалиться набок, опрокинуться (о чём-л. большом, громоздком при езде)
Уһун синньигэс элгээн устатын тухары киһи өлүгэ бөҕө сылбахтанар, таҥнастыбыт сыарҕалар аттылара барыта кыа хаан. Н. Якутскай Атыыр бөрө таҥнаста сытар Байанай салааскатын тиҥсирийбитинэн барда. В. Протодьяконов Таҥнастыбыт тааҥкалар, Тимир адаар лааҥкылар, Суох дэриэбинэ онно, Соҕотох дьиэ оһоҕо И. Чаҕылҕан
2 туохтуур #
Өрүттэр, көнөр кыаҕа суох буола айгыраа, төннүбэттик эһин
Нууччалыы Приходить в упадок, рушиться, прекращать существование
Аҕыйах хонук иһигэр дьоллоох олоҕо таҥнастан хаалбытыттан өйө-санаата булкуллубут Герасим аҕабыыт -- Едлини кытта илии тутуспута. Эрилик Эристиин Хаайыыттан тахсан баран кыбыстан үөрэҕэр барбатаҕа. Дьэ, онтон ыла, уу илпитин курдук, наар таҥнастар аакка түспүтэ. Тумарча. Биһиги бэйэбит нэһилиэги салайыахпыт, бары быыпсайдар, чыыннар таҥнасталлар! А. Сыромятникова Тэҥн. түҥнэһин