Перевод с якутского
иһин
кэнники тыл, туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы из-за
English because of, due to, for the sake of, for
Ис хоһооно · 11
1 туохтуур #
дьөһ
Түүлээх иһин биһи бары тэҥҥэ эппиэттээ инибит. Н. Габышев Инньэ гынан, мэхэнисээтэрдэри, дьиҥинэн, үүнүү иһин эппиэттэтэр кыах суох П. Егоров Хайааһын кини туһатыгар оҥоһуллар предметин бэлиэтииргэ туттуллар. Θ Употребляется при обозначении предмета, в пользу которого совершается действие (за). Дьокутаакка хандьыдааттар иһин бэйэлэрин куоластарын биэрдилэр. "Кыым". Биһиги куруутун эһиги иһин "ыалдьыахпыт" Кыым
Өссө холобурдар (5)
Ханнык эмэ хайааһыҥҥа сылтах, олох буолар предмети бэлиэтииргэ туттуллар. Θ Употребляется при обозначении предмета, являющегося поводом, основанием для какого-л. действия (за). Бу хотоҥҥо туох буруй иһин ким кинини уган кэбиспитин букатын билбэт этэ. Эрилик Эристиин Табаарыс Аласов, бойобуой үтүөлэриҥ иһин командование аатыттан баһыыбата тут. С. Ефремов Итиннигиҥ иһин этэллэр эбит Эллэй Табаарыс хамандыыр! Түргэнник дьону өрүһүйэр иһин, дьаһалла ылыахха. Эрилик Эристиин Дьон бастыҥнара, аан дойдуга көҥүл, эйэ кыайарын иһин охсуһаллар А. Федоров
2 туохтуур #
Төрүөт сыһыанын араас дэгэттээн көрдөрөр
Нууччалыы Выражает причинные отношения с различными оттенками. // Ким эмэ кини туһугар эппиэти сүгэр предметин бэлиэтииргэ туттуллар. Употребляется при обозначении лица, предмета, состояния, в отношении которого кто-л. несет ответственность (за)
3 туохтуур #
Толуйар сыһыаны көрдөрөн, туох эмэ атыыта-төлөбүрэ буолар предмети бэлиэтииргэ туттуллар (атастас, атыылаа, төлөө, биэр, ыл курдук туохт. кытта тут-лар)
Нууччалыы Выражая возместительные отношения, употребляется при обозначении предмета, в пользу, взамен которого совершается действие
Оттон эн ол сүөгэй иһин тугу биэрдиҥ? С. Ефремов Айахпыт иһин тугу эмэ үлэлэтиҥ. Эрилик Эристиин Бэрсибит килиэбим иһин мин бэлэх эрэйбэппин Т. Сметанин
Өссө холобурдар (7)
Икки сыллааҕыта уолум Эрбантей күрээн хаалбытын иһин -- тойонум Атен төбөбүн үлтү сынньан кэбиһэн, таас дьүлэй буолан хааллым. Эрилик Эристиин Ээ, кэммитинэн олоробут, арай кыра уолбун, баҕарара бэрдин иһин, оскуолаҕа ыытаары гынабыт. А. Софронов Куһаҕан сураҕы аҕалбыттарын иһин, кинилэргэ өстүйэ саныырым. И. Гоголев Кэргэнэ Суоппуйа, эрэ сүрэҕэ суоҕуттан уонна күнүүһүтүн иһин, биир кыыһын илдьэ арахсыбыта М. Доҕордуурап Толуйуу суолталанар. Θ Имеет возместительное значение. Оҕус мөссүөнүн алдьаппытын иһин, атыыры ордук буруйдааҕынан аахпыттар. Амма Аччыгыйа Бэһиэлэйэ суоҕум иһин, миигин бырастыы гынар инигин. Т. Сметанин Сулууспалыыргыт иһин махтанабын. М. Шолохов (тылб.)
4 туохтуур #
Сорук сыһыанын көрдөрөн, хайааһын ким-туох туһугар оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы Показывает, ради кого-чего совершается действие
Саҥа кыайыылар иһин иннибит диэки! Т. Сметанин Өрөгөйдөөх олох иһин, Өрө күүрэн дьулуста. Күннүк Уурастыырап Дьолго, көҥүлгэ туһаайар Робсон ырыатынан норуот эйэ иһин турунна А. Абаҕыыныскай
Өссө холобурдар (8)
Орунбаевтар баттыгас диэн тугун тус-туспа арааран билбэтэхтэрин иһин, кинилэр өйдөрүгэр Муссерен сыспыта баар. Эрилик Эристиин Ээ, оттон оннугун иһин, эмээхсиэн, аныгы оҕолор, ийэ, аҕа этэрин истибэттэр С. Ефремов Утарар-төннүктүүр суолталанар. Θ Имеет уступительно-противительное значение. Харах уута тохтубутун иһин, Турар оту тосту түспэт. Эллэй. Ону билигин кэмсиммитим, илиибин-атахпын кыраммытым иһин, аны кэлэн Аанчыгым мин үөрбүтүм иһин, күлбэт, кыыһырбытым иһин, саҥарбат, тылбын истэрэ биллибэт.
Суорун ОмоллоонҮөрбүтүн иһин, күлбэт, кыыһырбытын иһин саҥарбат, тиэтэйбитин иһин, сүүрбэт ааттаах нэс киһи М. Доҕордуурап Үксүн ама, да, төһө да, хайдах да диэн курдук эбиискэлэри, сыһыан холбоһуктары кытта туттуллар. Θ Часто употребляется с модальными словами, частицами типа ама, да, төһө да, хайдах да. Ама мин бу түҥнэстибитим иһин, син дьахтар курдук этим буолбаат! А. Сыромятникова Учуутал тойон, эн уордьаны да ылбытыҥ иһин, аанньа ахтар үһүө. Н. Неустроев Маша үөрэҕэ төһө да кыратын иһин, Ламма нууччаларын кытта бииргэ орооһон үөскээбит буолан, нууччалыы балай да үчүгэйдик билэр. М. Доҕордуурап Хайдах да ытаабыт иһин, Хантан кэлэн харах уута халбаһы буолуой?! Т. Сметанин
5 туохтуур #
Быһаарыы суолталаах тыл холбоһуктарыгар быһаарыы сыһыанын көрдөрөр, быһаарар уонна быһаарыллар тыллары холбуур
Нууччалыы В определительных сочетаниях, выражая определительные отношения, соединяет определяющее слово с определяемым (за)
Кыһыл буулуур атын миинэн, туундара устун Көҥүл иһин сэриигэ көтүппүтэ. Эллэй. Инньэ гынан, ыстарааччы хамнаһа мэхэнисээтэр хамнаһыгар тэҥнэспит, хаачыстыба иһин эппиэтинэс үрдээбит. П. Егоров Саҥа дьоллоох, көҥүл олох иһин охсуһуу саҕана, -- саа уоһугар миигин туруора сылдьыбаттарын өйдүүбүн С. Ефремов Бэйэбэр ымсыырыахтарын иһин, эмиэ да үөрэҕим суох, дьүһүммүнэн да соччо кыраһыабай курдук аахпаттара буолуо.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
Доҕоор, эн көрсүөххүн баҕарбытыҥ иһин, ол киһи эйигин көрсүөн баҕарбат ээ. Софр. Данилов. Үчүгэй үлэлээх тырахтарыыһы бириэмэйэлиэҥ иһин, онуоха үбүҥ суох П. Егоров
6 туохтуур #
ситим т. суолт
7 туохтуур #
Сорук салаа этиини холбуурга туттуллар (сүнньүнэн, аат туохтуурдары, даҕ. ааттары кытта тут-лар)
Нууччалыы Употребляется для присоединения придаточного предложения цели
8 туохтуур #
Төрүөт салаа этиини холбуурга туттуллар
Нууччалыы Употребляется для присоединения придаточного предложения причины
9 туохтуур #
Төннүктүүр салаа этиини холбуурга туттуллар
Нууччалыы Употребляется для присоединения уступительного придаточного (несмотря на то, что, хотя, хоть)
10 туохтуур #
Усулуобунай-утарар сыһыаны көрдөрөн, салаа этии хайааһына оҥоһуллуоҕун, тутаах этии ис хоһооно мэһэйдиир усулуобуйа буоларын көрдөрөргө туттуллар (кэлэр кэмнээх аат туохтуурдары салайар)
Нууччалыы Выражая условно-противительные отношения, указывает, что возможному совершению действия, обозначенного сказуемым придаточного, мешает сказанное в главном предложении (управляет прич. буд. вр. чтобы)
11 туохтуур #
Төрүөттээх содул сыһыанын көрдөрөн, тутаах этиигэ этиллибит салаа этиигэ бэриллэр санааҕа төрүөт, содул курдук ананан буолбутун көрдөрөр (үксүгэр хомойуох иһин, сөҕүөх иһин курдук сыһыан холбоһуктар суолталарыгар чугас сыһыан дэгэттэнэр; кэлэр кэмнээх аат туохтуурдары салайар)
Нууччалыы Выражая причинно-следственные отношения, указывает, что сказанное в главном предложении приурочивается к сказанному в придаточном как причина и следствие (часто имеет модальный оттенок значения, близкий к семантике модальных сочет. хомойуох иһин, сөҕүөх иһин; управляет прич. буд. вр.)
Күлүүгэ барыан иһин, алҕас саҥаран кэбистэ. Бу айылаах буолуом иһин, атым сүтэн хаалбыт этэ. Эрилик Эристиин Ситэ дьулатыан иһин, ханна эрэ, кырдьык, массыына мэрилээмэхтээн баран, өрө куугунаан-сурулаан ааста. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
Болугур оҕонньор дьиктиргиэн иһин, дьоно түүнү быһа сотору-сотору оһохторугар маһы симэн оттоллор. Н. Якутскай Тюрк. үчүн, ичин