ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иһээччи

аат тыл

Нууччалыы тот, кто постоянно и много, с пристрастием пьет спиртное; пьяница, алкоголик

1 аат тыл #

Арыгыны баҕаран туран, ис-иһиттэн тартаран иһэр киһи, арыгыны куруук иһэр киһи

Нууччалыы Тот, кто постоянно и много, с пристрастием пьет спиртное; пьяница, алкоголик

  • Иһээччи буолуох кэриэтэ, Күн анныгар Көстүбэтэх көнө.
    А. Софронов
  • Кинилэр билэр дьонноро. Үчүгэй дьон. Бэрт дьон. Иһээччи аатын ылбатах көрсүө дьон.
    Д. Таас
  • Күнү көтүппэт иһээччи, ордуос майгылаах Иван Одиноков "уохтаах уунан" утахтанарын уураппатаҕар уорастыбыппыт
    Н. Абыйчанин

2 этии #

Нууччалыы Беспробудный пьяница

  • Буор иһээччи - арыгыны эккирэтэн туран наһаа элбэхтик иһэр киһи, сыыска-буорга булкуллуор диэри иһэр киһи; арыгылаан киһи аатыттан ааспыт киһи Сорох үчүгэй дьахталлар оннооҕор адьас буор иһээччи буолан, киһи аатыттан ааспыт, бүппүт эрдэрин биэбэйдээн, сүүрэн-көтөн, сылаас-сымнаҕас тылларынан ааттаан, атаҕар туруоран дьон кэккэтигэр киллэрэллэр дии.
    ХС
  • Буор иһээччи билигин ыалы кэрийэн хонуктуур, көрсүбүт киһитин аайыттан "умналаан" арыгы иһэр. "Кыым". Кини аҕалаах ийэтэ эмиэ сокуоҥҥа баппатах уонна киһи ыатаран эппэт буор иһээччи дьон этилэр.
    Н. Гоголь
  • Өлөр иһээччи кэпс. – Тугу да билбэт буолуор, өйүн сүтэриэр диэри иһэр киһи (арыгыны улаханнык иһэриттэн умайан өлүөн сөп). Θ Пьющий до бесчувствия, горький, беспробудный пьяница. Оннооҕор өлөр иһээччини эмтииллэр.
Өссө холобурдар (1)
  • Бардам бааһынай этэ Клим: Өлөр иһээччи, кыбыгас. Н. Некрасов (тылб.)

«И» буукуба