ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киирис

Нууччалыы ругаться с кем-л.; ожесточенно спорить

1 #

Кими эмэ кытта этис; улаханнык мөккүс

Нууччалыы Ругаться с кем-л.; ожесточенно спорить

  • киир 1 диэнтэн холб. туһ. Трамвайга кинини кытта киирсибит дьон бары билиэт ылыталаатылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Оҕобун кытта сарсын мин бэйэм куоракка киирсиэм.
    Н. Якутскай
  • Дьиэҕэ таһыттан быыл уонна кир киирсибэтин иһин кыһаныахха наада. РВА ДьЫКБ
Өссө холобурдар (4)
  • Кими эмэ кытта турунан туран охсус; күрэстэс, күрэхтэс. Вступить в бой, в состязание, в соревнование с кем-л.; бороться, сражаться. Ыттар бөтүүктэр курдук көрсө түһээт киирсибитинэн, төбө-төбөлөрүттэн ылсыбытынан барбатахтара.
    И. Федосеев
  • [П. Пинигин] Сүрүн утарылаһааччыта - аан дойду чемпиона М. Юсуповтыын кииристэ. "Кыым"
  • Маппыайап уонна Сыҕаайап хас боппуруос аайы Наҕыл улууһун аатыттан утарыта киирсэллэр. Кииристэллэр эрэ киэҥ айдаан.
    Амма Аччыгыйа
  • - Маайалаах Настаа киирсэллэр дуу, тугуй? - Чэ-чэ, айдаарымаҥ! Улахан эбит
    В. Гаврильева

2 #

Иҥсэлээхтик, эрчимнээхтик аһаа, ис

Нууччалыы Жадно, энергично есть, пить

  • Аргыһа Баабыр тэриэлкэ муҥунан эмис тууччаҕы үөтүк тутуста, онтон аны хойуу чэйгэ кииристэ.
    Н. Заболоцкай
  • Амтаннааҕы аһаабатаҕа өр буолбут, онуоха эбии хаайыллан аччыктаабыт кыысчаан аска харса суох киирсибитинэн барда
    ХС

3 этии #

Этиилэр

Тыл-тылга киирис көр тыл

  • Икки ыраахтааҕы тыл-тылларыгар киирсибэтэхтэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Таайым биһикки эмиэ тыл-тылбытыгар киирсибэтибит.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Икки аргыстыы, төһө эмэ бииргэ айаннаабыт атастыы дьон, арааһа, тыл-тылларыгар киирсибэтилэр. Н. Заболоцкай

«К» буукуба