Перевод с якутского
киирсии
аат тыл, аат
Нууччалыы и. д. от киирис= схватка, единоборство
1 аат #
киирис диэнтэн хай. аата. Ыһыы: "Ураа!.. " Ыга киирсии Ыстыыгынан кэйсиһии. Баал Хабырыыс. Биирдэ Саппырыан оҕо Сиип убайын кытта охсустулар - биир-икки бөрсүөгү киирсии буоллар эрэ уолаттар бурҕачыһа түһэллэр. А. Бэрияк
2 аат #
Икки өттүттэн кимэн киирэн тыҥааһыннаахтык күрэстэһии, охсуһуу; күрэхтэһии
Нууччалыы Напряженная схватка, битва, драка; состязание. [Буоксаҕа] чахчы сытыы киирсиини кэтэһэн, көрөөччүлэр сирэйдэрэ сэргэхсийдэ
Аны бөрөлөөх эһэ киирсиилэрэ саҕаламмыта. И. Федосеев Үөрүү буолла да - хабарҕа муҥунан үөрүү, кыыһырсыы буолла да - сутурук уйарынан киирсии Э. Соколов
3 аат #
Кими эмэ кытта этиһии; улаханнык мөккүһүү
Нууччалыы Ругань, ожесточенный спор с кем-л. [Маппый] бэҕэһээ киэһэ дайаарка кыргыттардыын "киирсиитин" санаан уоскуйан иһэн эмиэ кыйаханан кэлэр
- Куолуһут буолан баран, ынаҕы сылгыттан араарбат киһийдэх эбиккин, - Элэҥ Сэмэн уолу өтөрү-батары көрүтэлээтэ. - Дьэ, доҕоттоор, киирсии буолаары гынна! В. Протодьяконов Барыларын мунньан олорон дьэ, киирсии кытаанаҕа, тугу кистиэмий, дьоммун кэлтэй мөҕөөччү буоллум ХС