Перевод с якутского
адьырыһыы
аат тыл
Нууччалыы схватка, столкновение, бурная ссора
1 аат тыл #
Нууччалыы схватка, столкновение, бурная ссора
2 аат тыл #
Уохтаахтык хапсыһыы, этиһии, мөккүһүү
Нууччалыы Схватка, столкновение, бурная ссора
Дьокутааты быыбардыыр күҥҥэ ааттаах адьырыһыы буолуоҕа. М. Доҕордуурап Ити дьыл үйэлэргэ сөҥө сыппыт өстөһүүлэр күөдьүйэн тахсаннар, амырыыннык адьырыһыы күүрбүт дьыла этэ. Р. Кулаковскай Бу сыллар усталарыгар хаста-хаста кииристилэр, үлэ туһугар төһөлөөх адьырыһыылар буоллулар? В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
Абааһы көрсүү, өстөһүү. Θ Вражда, ненависть. Туох-ханнык иннинэ биһиги улахан дьоҥҥо бэйэҕит иирсээҥҥитигэр оҕону тардымаҥ диэн сүбэлиибит. Дьиэ кэргэни кыайан көммөт кытаанах адьырыһыыга тиэрдэр суол төрдө итиннэ сытар буолааччы. “Кыым”. Ийэтэ хаһан эрэ кыыһын саҥа суолугар туора сытыа, онон кинини кытары адьырыһыыны тумнуллуо суох диэн сэрэйэбин. Н. Островскай (тылб.)