Перевод с якутского
киитэрэй
даҕааһын
Нууччалыы хитрый, изворотливый, коварный
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
даҕ
Баҕар, былыргы муударай кырдьаҕастар, оҕус бэйэтэ киитэрэйин билэр буоланнар, кутуруга эрэ көнө диэбиттэрэ буолаарай? Далан Генерал-губернатор Анучин бэйэтэ наһаа албын-түөкэй, киитэрэй киһи этэ дииллэр. Ол курдук туох баар сидьиҥ быһыыны атын дьоннорунан оҥорторору сатыыра. П. Филиппов Дьону сатаан билэр буолуҥ: сүүлүк, албын, киитэрэй Пьесалар-1956
2 даҕааһын #
Хайдах эмэ албастаан тугу барытын бэйэтин туһатыгар эргитэр, албын, угаайылаах өйдөөх
Нууччалыы Хитрый, изворотливый, коварный
3 даҕааһын #
Ырааҕы өтө көрөр, мындыр өйдөөх
Нууччалыы Проницательный, прозорливый
Оо, Настаа эмээхсин дэлэ киитэрэй эмээхсин буолбатах - Уйбааскы ыал буолара алдьамматын диэххэ айылаах хабааннаан саҥарар.
П. ОйуунускайМиддендорф диэн улахан учуонай сахалары Сибиир еврейдэрэ диэн ааттаабыт. Бу сүрдээх киитэрэй, эргитиилээх өйдөөх, эргиэҥҥэ сүрдээх дьоҕурдаах омук Б. Павлов
4 даҕааһын #
Уустук оҥоһуулаах, тута өйдөммөт
Нууччалыы Замысловатый, мудреный
Тугунан эрэ даачаны санатар дьиэҕэ, ол-бу киитэрэй олуурдары аһан, көтөн түһэбит П. Чуукаар