ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

килиин

аат тыл

Нууччалыы клин

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

ытаһа диэн курдук. [Анньыыга анаан] сорох хас да кырыылаах эбэтэр төгүрүк луом тимири харандаастыы уһуктуур. Үс муннук килиин курдук эмиэ төбөлүүр. ПАЕ ЭАБ. [Былыргы дьон туойга] уһуктаах маһынан батары баттаан, килиин (ытаһа) курдук кэрчиктэри ойуулуур буолбуттара. КФП БАаДИ

2 аат тыл #

Уһун синньигэс, үс муннуктуу быһыылаах таҥас киллэһигэ

Нууччалыы Клин (в одежде)

  • Сонун сиэҕэ кыараҕас буолан, килиин киллэрэн биэрдэ. Килииннээх дьууппалаах

3 аат тыл #

Бааһына сирин сорҕото

Нууччалыы Клин (часть земельного угодья)

  • Сүөһү аһылыгар анал килииннээх түөрт хонуулаах севообороту олохтонуохтаах. ЛИК СОТҮҮТ. Эн, баҕар, билэриҥ буолуо -- Чеплыгинтан Малиниҥҥа диэри килиин сири? И. Тургенев (тылб.)

4 аат тыл #

Тоҥуу хаары сыҕайан суол таһаарарга анаммыт, инники өттө чумчугур, онтон сыыйа кэтириир иэдэстээх улахан сыарҕа (тыраахтар соһор)

Нууччалыы Клин (для расчистки снежной целины)

  • Күһүн биирдэ бульдозерынан эбэтэр килиининэн сылдьыахтарын эрэ кэрэх -- бэртээхэй суол бэлэм. НС ХСБС. Сир кыырпахтарын чиэрбэ илин уһугунан килиин курдук силэйтэлиир. ББЕ
    З. Ср
  • русск. клин, клинчатый топор

5 этии #

Килиин сүгэ - маһы хайытарга аналлаах, ытаһа курдук быһыылаах, халыҥ тимирдээх, ыарахан ыйааһыннаах сүгэ Кууһума ас тииттэргэ хатырыктаах -- килиин сүгэнэн оҥута охсон, киһи сирэйдэрин оҥортообута. Күннүк Уурастыырап. Таймаар модороон уктаах молуой курдук улахан килиин сүгэтин сүкпүт. "ХС"

Нууччалыы Колун (топор)

«К» буукуба