Перевод с якутского
ытаһа
аат тыл
Нууччалыы деревянный или железный клин для закрепления чего-л.
1 аат тыл #
Туох эмэ (хол., сүгэ уга) туллаҥнаабатын, хамсаабатын курдук кыбыта саайыллар мас, тимир
Нууччалыы Деревянный или железный клин для закрепления чего-л. (напр., клин у топора)
Ытаһа оҥостуохха сөптөөх тимир чарпата элбэҕин истэн баран, соччо аахайбатаҕым диэн бэйэтин сэмэлэнэ санаата. Амма Аччыгыйа Сылгыһыт чохороон сүгэтин ылан, күрүөтүн сүллүгэстэрин ытаһатын төлүтэ саайталаата. В. Протодьяконов Өр, уһуннук туттуллубут өтүйэ угун ытаһата сахсайан, халкыҥнаан туллуон да сөп ПАЕ ОСС
2 этии #
Нууччалыы Поддакивать, оказывать поддержку кому-л
Этиилэр
Ытаһа буол (оҕус)
ким эмэ этиитин сэҥээрэн биэр, сөбүлэһэргин биллэр Оҕонньор ити курдук, биллибэккэ-көстүбэккэ сылдьан ытаһа охсоро, чобоорхойор дьон кылааннарын мүлүрүтэ түһэрэ бэрт туһалаах буолсу ээ.
"Биһиги бэйэбит да оппут холкуос киэниттэн туох да итэҕэһэ суох ээ", – Натааһа аҕатыгар ытаһа буолбута. П. Аввакумов Хаһан баҕарар кыайыылаах өттүгэр охтон, ытаһа охсон иһэр идэлээх Аамалап: "Уолбут сайдыбыт", – диэн чап гыннарда. Э. Соколов
Ытаһа киһи
уҥуоҕунан кыра эрээри кыахтаах, киппэ, чиҥ киһи.
Человек невысокого роста, но крепкого, плотного телосложения, крепыш (букв. человек-клин).
Манаана адьас сылайары билбэт, чокуур курдук ытаһа киһи. И. Данилов Кини буускаҕа бөҕө-таҕа, ытаһа киһи наада диэн куруук туруорсар. А. Бродников
Өссө холобурдар (2)
Эһэлэрэ төһө эмэ сохсо, айа куобахтарын сүгэн, тоҥуу хаары кэһэн хас да биэрэстэҕэ илдьэр ытаһа киһи эбитэ үһү. ХС Ср. тюрк. адыш, ай ‘раздвигать’