ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киллэм

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы ровный, открытый, широкий

1 даҕааһын #

Ойуура суоХ, дэХси, аһаҕас, киэҥ (сир)

Нууччалыы Ровный, открытый, широкий (о местности)

  • Суоллара куоһааХ элгээннэрдээХ, уһун синньигэс күөллэрдээХ киллэм Хонуу устун барар.
    Н. Якутскай
  • УулааХ бөһүөлэгэ Мэндээрики диэн улаХан үрэХ -- киэҥ Хочотун киллэм Хонуутугар турар.
    П. Аввакумов
  • Бу эһэ -- Хайа адьас сирэйигэр, киллэм сиргэ сымара таас анныгар арҕаХтааҕа
    И. Федосеев

2 даҕааһын #

ТуоХ да мала-сала суоХ, кураанаХ

Нууччалыы Ничем не обставленный, пустой

  • Ханна да ороно, остуола, ыскамыайката суоХ биир киллэм Хос иһигэр көстүбэт Хара-лабаХ кирдээХ муоста үрдүгэр илдьирийбит эргэ таҥастар сыталлар.
    Эрилик Эристиин
  • Киллэм олбуор ортотугар Икки быыкаа чоппуускалар ДьоХсооттоһо оХсуһаллар.
    И. Гоголев
  • Кэри-куру киллэм остуол тула Кэргэн олорон аһаан турар
    И. Чаҕылҕан
Өссө холобурдар (4)
  • Өбүгэлэрим өрөөбүт киллэмнэригэр Кэллим мин доҕор илдьитинии.
    С. Данилов
  • Дьара Хочото диэн ааттанар сир Өлүөнэ өрүс арҕаа эҥэринээҕи киэҥ киллэмин биир куутуйата этэ.
    Н. Якутскай
  • Саҥардыы тыллан эрэр Холуопак күөХ сэбирдэХтэрэ ырааХХа диэри биир киллэм буолан нэлэһийэр.
    А. Федоров
  • Ср. эвенк. гилдэ 'развернуть, разложить'

3 аат тыл #

суолт. Ойуура суоХ, аһаҕас, киэҥ Хонуу сир

Нууччалыы Безлесное, открытое, ровное поле

«К» буукуба