ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уорук

аат тыл

Нууччалыы большой, просторный, хорошо обставленный дом

1 аат тыл #

Улахан, киэҥ-куоҥ, үчүгэй тэриллээх олорор дьиэ

Нууччалыы Большой, просторный, хорошо обставленный дом (жильё, жилище)

  • Бу чэлгиэн уорукка суос-соҕотоҕун хонуох бэйэтэ буоллаҕа.
    Болот Боотур
  • Биһиги оҕонньор үрдүк өһүөлээх киэҥ уоругар киирэбит.
    С. Федотов
  • Күбүрүнээтэр тойон олорор уоруга сүдү да буолар эбит! “
    Чолбон

2 аат тыл #

Ким эмэ олорор сирэ-уота; туох эмэ кыыл-сүөл уйата, хорооно

Нууччалыы Место постоянного пребывания кого-л.; логово, берлога, нора (зверя)

  • Аркадий бэйэтин уоругуттан соччо быга сатаабат.
    Н. Габышев
  • Буурҕа халлааннаах, муус куду байҕаллаах Буулаҕа ороспуой уоругар тиийдэ.
    И. Эртюков
  • [Тимир ууһа] Уһана олорор Уоругун иһигэр Көтөн түһэн Көрө түспүтүм. Саха нар. ыр. III

3 этии #

Этиилэр

Уорук балаҕан көр балаҕан

  • Бу сир хаба ортотугар -- көмүс уорук балаҕан килбэтийэн көһүннэ. ПЭК ОНЛЯ I. Отут ойдом уорук балаҕан Эһиэхэ олохсуйдун! Далан

«У» буукуба