ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

килэрчи

сыһыат

Нууччалыы до блеска,до лоска

Ис хоһооно · 6

1 #

сыһ

  • Уу иэнэ килэрчи тоҥон, кытааппыт курдук.
    Амма Аччыгыйа
  • Биир тымныы түүн -- уубут килэрчи тоҥон хаалбыта.
    Н. Якутскай
  • Үрэхтэр бастара килэрчи тоҥнулар. П. Ламутскай (тылб.)

2 #

Көнө ньалҕаархай ньуурдаах гына; килэрийэн, килэйэн көстөр буола

Нууччалыы Так, чтобы иметь ровную, гладкую поверхность; до блеска, до лоска

3 #

Олох, тамты

Нууччалыы Совсем, полностью. [Мөрүөн оҕонньор] махтал-баһыыба биэрэрин килэрчи умнан кэбистэ

  • Ньиэгирдэр килэрчи кулуттуу балаһыанньалаахтара. В. Ленин (тылб.)
  • Бүтүннүү, төрдүттэн. Θ Полностью, до самого основания, наголо. Киэҥ унаар хочо, хочо Килэрчи оттоммут. Эллэй. [Дмитрий Николаевич] килэрчи бириэйдэммит сэҥийэтин -- имэриммэхтээн ылаттыыр.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Ньукулай Макаарап баттаҕа килэрчи кыргыллыбыт.
    ИИФ УС

4 #

Мэлдьи

Нууччалыы Постоянно

  • Эһиги, көрдөххүтүнэ, артыыс килэрчи бырааһынньык курдук олороро буолуо дии саныыгыт
    Кыым

5 этии #

Нууччалыы Смотреть пустым, бессмысленным взглядом

  • килэрчи көр - иччитэ суоҕунан, тугу да өйдөөбөтөхтүү көр Сэллик атыыһыт, мээнэнэн килэрчи көрө-көрө, -- силлээн унаарытар.
    Н. Лугинов
  • Бааса маҥнай ханна баарын билбэккэ, -- мээнэнэн килэрчи көрөн сытта.
    П. Чуукаар
  • Иирбит киһи дьиэгэнийбит, килэрчи көрбүт хараҕа субу баар буола түстэ. К. Симонов (тылб.)

6 этии #

Килэрчи анньан - халҕаһалыы тоҕо солоон Биэйэнньиэр куормалаах, кыһыл хаалтыстаах оҕолор килэрчи анньан иһэллэр. С. Федотов. Чоху бөҕө килэрчи анньан тимир суолу туораан эрэрэ. БК БК.

Нууччалыы Толпой, гурьбой, сплошной массой (двигаться)

Этиилэр

Килэрчи көр - 1) чыпчылыйбакка, киэҥник көр

Смотреть широко раскрытыми глазами, не мигая.

Өссө холобурдар (7)
  • // Хараххын муҥунан көр (куттанан, соһуйан). Вытаращить глаза (от испуга, от неожиданности). Оҕонньор килэрчи көрбүтүнэн ууга -- мэлийэн хаалла.
    Болот Боотур
  • [Кэтириис хараҕын килэрчи көрөн баран:] Мин кэргэним даа?!
    С. Ефремов
  • Халҕан ис өттүттэн биир куттаммыт харах килэрчи көрөн турар.
    Л. Толстой
  • // Кылардаан үрүҥүнэн көр. Скосив глаза, выставить белки. Хараҕын кылара бэргээбиккэ дылы буолла, үрүҥ өҥүргэһинэн эбии килэрчи көрдө. "ХС"; 2) хараххын симимэ, олох утуйума. Не сомкнуть глаз, не спать. [Маайыка:] утуйбакка, килэрчи көрөн сытан-сытан баран, утуйбута.
    А. Софронов
  • [Уйбаан] биирдэ да хараҕын быһа симпэккэ килэрчи көрөн сытта. Р. Кулаковскай; 3) көсп. Тугунан эмэ килэйэн көһүн. Блестеть, светиться (о гладкой поверхности чего-л.). Дьиэ таас түннүктэринэн килэрчи көрөн кэбиһэр.
    М. Доҕордуурап
  • Истиэнэ куруутун үөл-дьүөл испиэскэнэн эрэ килэрчи көрөр.
    С. Федотов
  • Чалбах уулара түүнүн мууһунан килэрчи көрөр буоллулар.
    КН ПБ

«К» буукуба