ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кимии

аат тыл

Нууччалыы атака, наступление на противника

1 аат тыл #

Өстөөххө кимэн киирии, атаака

Нууччалыы Атака, наступление на противника

  • Кимии улам күүһүрэн, Толоону "Ураа!" толордо.
    С. Тимофеев
  • Сэбиэскэй сэриилэр кимиилэриттэн фронт кэҕис гыммыт быһыылааҕа. А. Фадеев (тылб.)

2 аат тыл #

Кимиэхэ-туохха эмэ дьулуурдаахтык үтэн киирии, үтэйии

Нууччалыы Натиск; давление, напор

  • Хотугу кыраайга кулаагы эһэргэ Кимиибит эрчимин чиҥэттиҥ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Тибии-силлиэ кимиитин Түөстэринэн силэйэн -- Табаларым сиэлэллэр
    Эллэй

3 аат тыл #

Күүһүнэн эбэтэр киһи салҕар гына, арахпакка, тугу эмэ ситиһэ сатааһын

Нууччалыы Стремление добиться чего-л. силой или настырностью, назойливостью

  • Кини кимиитин туох да тохтоппот. Бу кини киһи салҕар кимиилээх, араҕан быстыбат

«К» буукуба