ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кимиэллээхтик

сыһыат

Нууччалыы решительно, сильно, основательно

Ис хоһооно · 4

1 #

сыһ

  • Баайдарбытыгар кимиэллээхтик кимэн киириэх тустаахпыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Киэҥ туундараҕа Муустаах байҕал кимиэллээхтик да уһуурар эбит
    А. Сыромятникова
  • Олус чопчутук чуолкайдык, күүстээхтик. Θ Наступательно, убедительно, доказательно, очень точно. [Т. Сметанин] аҕыйах тылынан олус кимиэллээхтик, кимиэхэ баҕарар өйүгэр-санаатыгар түһэр гына этэн кэбиһэр.
    КНЗ ТС

2 #

Дьулурҕатык, дьайыылаахтык

Нууччалыы Решительно (наступать); сильно, основательно (воздействовать)

3 #

Омуннуран-төлөннүрэн, олус көтөҕүллэн

Нууччалыы Очень возбужденно, горячо; вдохновенно, с большим подъемом

  • Омар бүк түһэ-түһэ, Сулеймаҥҥа тугу эрэ кимиэллээхтик этэр.
    С. Руфов
  • Кимиэллээхтик ыллыыбын
    М. Ефимов

4 #

Суостаахтык

Нууччалыы Грозно. Дьонум өссө күүскэ дарбыйдылар, кимиэллээхтик саҥарталаатылар. Болот Боотур. Николай Артемьевич тохтуу түһэн баран, кимиэллээхтик ыйытар. П. Егоров. Төбөҕүн быһыам диэн кимиэллээхтик сирбиэтэнэр. П. Аввакумов

«К» буукуба