Перевод с якутского
киниискэ
аат тыл
Нууччалыы книжка
1 аат тыл #
Тугу эмэ сурунар, суруйан толорор, туоһулуур кыра, сиэпкэ батар кинигэ; докумуон
Нууччалыы Книжка (записная, документ, удостоверение)
Киниискэҕэр сурун. Киниискэбин көрдөрдүм
2 аат тыл #
көр сберегательнай киниискэ диэн курдук. Киниискэтиттэн харчы уһулла. Киниискэбэр биэс уон тыһыынча сытар. А. Федоров
3 этии #
Лимиитинэй киниискэ - үрүт кээмэйэ быһыллыбыт туох эмэ ороскуотун сурунар киниискэ Лимиитинэй киниискэҕэ уматык уонна саппаас чаас ороскуота суруллар. ЭБТ.
Нууччалыы Лимитная книжка
Этиилэр
Миэтириичэскэй киниискэ көр миэтирикэ
Сберегательнай киниискэ - бааҥҥа харчы уурдарар киниискэ.
Сберегательная книжка.
Анабылга көҥүллээһини уурумньулаах сберегательнай киниискэҕэ -- суруйуон эмиэ сөп. СКТ. Сочуотунай киниискэ - эксээмэн, сочуот о. д. а. бэрэбиэркэ түмүгүн бэлиэтиир устудьуон киниискэтэ. Зачетная книжка. Сочуотунай киниискэтигэр хас да "түөрт" сыана турда. Н. Якутскай Сурунар киниискэ - тугу эмэ бэлиэтэнэр киниискэ. Записная книжка. Кини сурунар киниискэтигэр үгүс кыайыыларын испииһэгэ баара.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
Сурунар киниискэни хармааммар уктубутум. ЫДЫа. Дьэҥдьийэннэр -- сурунар киниискэбин ылбыттара. СБТТ. Үлэ киниискэтэ - үлэ ыстааһын, наҕараада туһунан сибидиэнньэлээх тэрилтэ үлэһитин докумуона. Трудовая книжка. [Эдэр оробуочайга] үлэ саҥа киниискэтэ -- туттарыллар. ДьИЭБ. Үлэ киниискэтэ үлэһит үлэтин характеристикалыыр сүрүн докумуон буолар. СГПТ