ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кириэн

аат тыл

Нууччалыы хрен.

1 аат тыл #

, бот. Сарбынньахтаах улахан сэбирдэхтээх, бытархай сибэккилээх үөрэ буолар от

Нууччалыы Хрен. Кириэн сэбирдэҕин, таба муоҕун үргээтим. Амма Аччыгыйа. Буолара дьылы туоратар ас Кииһилэ, кириэн, кыа уга. Эллэй. [Сир симэҕэ] хонуу луугун, кииһилэ, хаптаҕас, эриэппэ, -- кириэн курдук элбэх битэмииннээх үүнээйилэри быданынан баһыйар. МАА ССЭҮү

2 этии #

Этиилэр

Кириэн от көр кириэн

  • Кириэн оттоох үөрэни сарсыарда сииллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Сэрии сылларынааҕы курааннарга кыа уга, кириэн от, унньуула, бэс сутуката бэртээхэй аһылык буолбуттара.
    И. Сосин
Өссө холобурдар (1)
  • Кириэн отунан киэркэйбит. А-ИМН
    ОЫЭБЫ

«К» буукуба