Перевод с якутского
кириэппэс
аат тыл
Нууччалыы крепость
1 аат тыл #
Сэриинэн төгүрүйүү, хаайтарыы усулуобуйатыгар эргиччи оборуонаҕа, уһун кэмнээх кыргыһыыга анаммыт бөҕөргөтүнүүлээх тутуу, пуун
Нууччалыы Крепость
Кириэппэс бөҕө иҥнэһиннэ, Куорат бөҕө кураанахтанна.
Өксөкүлээх ӨлөксөйКубаан хочолоругар нуучча аармыйатын эбии тирэх кириэппэстэрэ тутуллубуттара. П. Филиппов Сэбиэскэй Сойууска нуучча былыргы мас кириэппэстэриттэн ити баасына [Дьокуускай остуруогун баасыната] соҕотоҕун эрэ ордон хаалбыт. ИОВ ЯК
2 аат тыл #
Эрэллээх көмүскэл, бигэ-таҕа тирэх
Нууччалыы Оплот, твердыня
Өктөөп кыайыытын көмүскүүр Таас кириэппэс буолуохпут. Күннүк Уурастыырап Эһиги баҥкыырдаргыт бары Эмиэрикэни милитаризм кириэппэһэ оҥосторго дьулуһаллар. ПП Дь. Тыл уонна дьыала холбостоҕуна, Эн кириэппэһиҥ бөҕөргүү туруоҕа. А. Михайлов (тылб.)