Перевод с якутского
остуруок
аат тыл
Нууччалыы острог, тюрьма
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
, эргэр
Оҕо бэйэм оҕонньор буолуохпар дылы Остуруок хотун Олохтонуом дии санаабатаҕым. Саха нар. ыр. II. [Тойон:] Ылыҥ бу ыты [Манчаарыны] Күүскүтүнэн ылан, Күүлэҕэ быраҕыҥ! Көһүйэ түстүн, Ол кэннэ Остуруокка утаарыҥ! А. Софронов Ыалдьыт Николай Гаврильевич олорор остуруогун остуораһын, оскуолаҕа сылдьар оҕолорун үөрэхтэрин туһунан кэпсэтээри таарыйбыта П. Филиппов
2 аат тыл #
Хаайыы: буруйданан уһун болдьоххо түбэспит киһини хаайан сытыарар дьиэ
Нууччалыы Острог, тюрьма
3 аат тыл #
Сибииргэ тутуллубут былыргы кыракый куораттар, кириэппэстэр
Нууччалыы Острог, пограничная крепость
Институппут Приклонскай остуруога турбут сиригэр турар. Өлүөнэтээҕи остуруок бастаан Эҥсиэли утары, өрүс уҥуор, Чымаадай хонуутугар тура сылдьыбыт. БИГ ӨҮөС. Усть-Кут куорат, сурукка биллэринэн, үс сүүс биэс уон сыллааҕыта Кут үрэх кутуллан түһэр төрдүгэр олохсуйбут остуруоктан төрүттэнэн үөскээбит. ХС Ити сир Зашиверскай остуруок диэн ааттаммыта Кыым
4 этии #
Нууччалыы Посадить в тюрьму
Остуруок дойдулаа - хаайыыга ук, хаайыыга түбэһиннэр Эн даҕаны түөкүнүҥ биллэр-көстөр буолан бардын, остуруок дойдуланаар, баахты балаҕаннанаар. Саха сэһ. II. [Сөдүөччүйэ:] Манчаары куоппута да, син биир ситиэм, ириэнэх суолун ирдиэм, тоҥ суолун тордуом -- остуруок дойдулуом диир. В. Протодьяконов Остуруок уйалан - хаайыыга олор (түбэс). Θ Попасть в тюрьму, сидеть в тюрьме. Остуруок уйаламмыта Уһуна бэрт буолан, Улахан да куоратын иһин, Кэрэтик көрөн Кэрэхсиир киһитэ Кэмчитийэн хаалан Кэри-куру буолла. Күн Дьирибинэ