ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кистэлэҥ

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы тайна, секрет

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Туох эмэ дьоҥҥо биллиэ-көстүө суохтааҕа, кистэниллэрэ (хол., былаан, ньыма)

Нууччалыы Тайна, секрет

  • Ити байыаннай кистэлэҥ.
    Амма Аччыгыйа
  • Табаарыстар, эһиги ханна бараргыт кистэлэҥ. Отделениеҕыт курсаннара ыйыттахтарына -- " практикаҕа барабыт диэхтээххит"
    Н. Якутскай
  • Ханнык эмэ дьарык, үлэ киэҥ араҥаҕа биллибэт, оҥорооччу, толорооччу бэйэтэ эрэ билэр ньымата, сэкириэтэ. Θ Секрет. Айар үлэ кистэлэҥэ. Ситиһии кистэлэҥэ.
Өссө холобурдар (3)
  • Кинини албан аатырбыт кырсаһыт -- булт кистэлэҥнэригэр үөрэтэ ылбыта.
    И. Федосеев
  • Уолаттарын уус уустук идэтигэр уһуйан, араас кистэлэҥнэригэр үөрэтэн испитэ. ЧАИ СБМИ. Вересковай мүөтү бэлэмнээһин кистэлэҥин билэр аҕа ууһуттан кинилэр иккиэйэҕин эрэ хаалбыттара. Ю. Чернов (тылб.)
  • "Буурҕаһытын", "Мохсоҕолун ырыатын" -- саха эдэр революционердара кистэлэҥ мунньахтарга ааҕыталыыллара. Софр. Данилов. Бэйэҕит өйдөөн көрүҥ! Бачча ыраах кэлбит дьон туох эрэ кистэлэҥ соруктаахтара биллэр
    И. Гоголев

2 аат тыл #

Туох эмэ ситэ биллибэтэ, ситэ таайыллыбата, дьиктитэ

Нууччалыы Загадочность, таинство, загадка

  • Кыыс диэн тыыннаах таабырын. Кини кистэлэҥин үйэҥ тухары таайыаҥ суоҕа.
    Н. Лугинов
  • Кини эмтээх оттор кистэлэҥнэрин билэр.
    И. Гоголев
  • Кини айылҕа араас кистэлэҥнэрин уонна быйаҥнарын арыйар кыахтаммыт.
    И. Данилов
Өссө холобурдар (4)
  • Мөлүйүөнүнэн ахсааннаах дьоппуоннар -- ирбэт тоҥ кистэлэҥнэрин кытта астына билсибиттэрэ
    ГКН МҮАа
  • Чабырҕах хайаан да кистэлэҥ, табылыннаҕына, бэрт куодаһыннаах ис хоһоонноох буолар!
    Саха фольк
  • Ойуур салгына оһуобай! Тааллыбат кистэлэҥ эмтээх!
    П. Тулааһынап
  • Тэҥн. кистэл

3 даҕааһын #

Атын дьоҥҥо биллиэ суохтаах, тустаах эрэ киһи (дьон) билэр

Нууччалыы Тайный, секретный. [Суругу] кыыс -- бартыһааннар кистэлэҥ буосталарын дьааһыктарыттан ылбыта

4 даҕааһын #

Кимиэхэ да биллибэт, ситэ таайыллыбат

Нууччалыы Таинственный, скрытый, неразгаданный, загадочный

5 этии #

Этиилэр

Кистэлэҥ куоластааһын көр куоластааһын

  • Бары Сэбиэккэ дьокутааттары быыбардааччылар бары бүттүүн, тэҥ уонна судургу быыбардыыр быраапка олоҕуран, кистэлэҥ куоластааһынынан талаллар. СГПТ. Манна кистэлэҥ куоластааһыны хааччыйарга усулуобуйа толору тэрилиннэ. "Кыым"

«К» буукуба