ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кистэлэҥнээх

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы имеющий тайну, секретный

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

Атыттарга биллэриллибэт, кистэлэҥ

Нууччалыы Имеющий тайну, секретный (о деле)

  • Миша улахан кистэлэҥнээх дьыаланы этэрдии, Сережаны көрүдүөргэ ыҥыран таһааран, сибигинэйэн эттэ.
    Н. Лугинов
  • Ити туохтааҕар да сэрэхтээх, кистэлэҥнээх "Байыаннай таайына" диэн буолар
    Н. Якутскай
  • Киэһэрэн чуумпурбут дуолларга, -- туох эрэ кистэлэҥнээҕи сипсиһээри кэтэспит чараҥнарга дууһаҕа ситэ өйдөнүллэ илик ис иэйиилэрбин кимиэхэ эрэ кэпсиэхпин баҕардым
    Далан

2 даҕааһын #

Киһи бэйэтэ иһигэр тута сылдьар, кимиэхэ да кэпсээбэт, истиҥ

Нууччалыы Тайный, сокровенный (о желании, мысли)

  • Оҕонньор тойонугар көмөлөһөөччү, аҕабыыт саамай кистэлэҥнээх ыйытыытын этэн тоҕо барар.
    Амма Аччыгыйа
  • Кистэлэҥнээх санаабын Кэпсээн-этэн биэрээхтээ!
    С. Васильев

3 даҕааһын #

Биллибэт дьиктилээх, таайыллыбат таабырыннаах

Нууччалыы Таинственный, загадочный (о месте)

  • Кистэлэҥнээх арыы. Кистэлэҥнээх күөл.
  • [Оҕо эрдэххэ] олох -- дьиктилээхэй кистэлэҥнээх туманынан тунаарара, умсугута угуйара.
    Н. Лугинов
  • Мин эһигини ханна да ыраах дойдуларга, көҕөрөр муоралар кистэлэҥнээх хоннохторугар -- ыҥырбаппын.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Сахам сирэ барахсан! Эн бараммат барҕа баайдааххын, киһи билэ илик кэмэ суох кистэлэҥнэрдээххин
    И. Никифоров

4 аат тыл #

Ситэ өйдөммөт, биллибэт туох эмэ дьикти

Нууччалыы Тайна, таинство, загадка

«К» буукуба