Перевод с якутского
кистэһии
аат
этии
кистэс II диэнтэн хай. аата. Сайылыкка көһөн киирии [бу] үөр сылгылар, тэһииргээн-тэбиэриһэн сырсан тигинэһэ-тигинэһэ, кистэһиилэрэ. В. Протодьяконов Сылгылар кистэһиилэрэ, ыар ынчыктара, кыайан турбат аттар иҥэрсийиилэрэ-өй мэйдээх тулуйбат алдьархайа. ССС. Аттарбыт тиһэх быраһаайдаһа кистэһиилэрэ тыа баһынан ынырык ой дуораана буолан, сатарыы турда. "ХС"
Этиилэр
Биһилэх кистэһии көр биһилэх кутуһуу (кистээһин)
Оччотооҕу маассабай оонньуу үксэ харах симсиитэ, биһилэх кистэһии уонна хаама сылдьан ыллааһын буолара. ВВМ. Ол саҕана ордук таптыыр оонньуубутунан: бырыычыка - сасыһа оонньооһун, кустаах мохсоҕол, биһилэх кистэһиитэ -- буолара. "ХС"