ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кистээ

туохтуур

Нууччалыы прятать.

English (of horses) to neigh

Ис хоһооно · 4
I

1 туохтуур #

Тугу эмэ ким, туох эмэ көрбөтүн-билбэтин курдук, саһыар

Нууччалыы Прятать. Чүөчээски суругун кистии тутан, түбэһиэхчэ биир кинигэ быыһыгар анньа охсон кэбистэ. Суорун Омоллоон. Онон-манан аралдьытан, биллэрбэккэ, сүгэни-быһаҕы кистээбиттэр. Күннүк Уурастыырап. Оҕонньор өс киирбэх хамсатын саппыйатыгар суулаан сиэбигэр кистиир. Н. Якутскай. // Ис санааҕын, биллэримэ. Скрывать, утаивать, не подавать виду (о чувстве, состоянии). Баһылай маладьыас - кини ис санаатын хаһан да кистээбэт. П. Ойуунускай. Ийэ долгуйбутун кистээн, соруйан, кыыһырбыт куоластаммыт. Амма Аччыгыйа. Лоокуут айманар, санааргыыр буолбутун дьонуттан кистии сатыыра. Дьүөгэ Ааныстыырап

2 туохтуур #

харыс. т. Өлбүт киһини көмп, ииҥҥэ түһэр

Нууччалыы Хоронить (умершего)

  • Киһилэрин кистээн киирэннэр, мустубут дьон хоолдьуга этин аһаабыттар.
    Болот Боотур
  • Бокуонньугу кистиир, кэриэстиир күннэргэ Сүөдэр Сүөдэрэбис толору сырытта.
    П. Аввакумов
  • Доҕорбун дойдубутугар таһааран кистээбитим.
    Н. Кондаков
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. көмп. Ср. тюрк. кизле 'прять, скрывать'

3 этии #

Этиилэр

Айыыны кистээбэккэ эттэххэ (тугу кистэниллиэй) көр айыы III

  • Эдэр кыргыттар сорохторо, чэ, айыыны кистээбэккэ эттэххэ, сүрэҕэлдьииллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Айыыбын тугу кистиэмий! Мин бу букатын быраҕыллыбыт оҕо дии санаабытым, ол иһин харайбытым.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • Айыыны тугу кистэниллиэй, -- ардыгар баһаам харчыны туора дьыалаҕа ороскуоттууллар. "Кыым".

Тыҥыраҕын кистиир көр тыҥырах

  • Биһиги туох-ханнык буолуор диэри тыҥырахпытын кистээн, хайдах эрэ албыннаһан, ньылбыйан сылдьыахтаахпыт. Н. Якутскай
II

4 туохтуур #

Дьырылас саҥаны таһаар (сылгы, элиэ туһунан)

Нууччалыы Ржать (о лошади), издавать крик, похожий на ржание лошади (о коршуне)

  • Аан дойду атыыра кистиир үһү, улуу дойду оҕуһа мөҥүрүүр үһү (тааб.: этиҥ). [Ат] Дьырылаччы кистээтэ, Тыбыыран кээстэ.
    П. Ойуунускай
  • Муҥур тииккэ олорор элиэ кулуннуу кистээн дырылатта.
    Амма Аччыгыйа
  • Ср.: тюрк. кишне, саг. кистэ 'ржать (лошади)'

«К» буукуба