Перевод с якутского
кичэллээхтик
сыһыат
Нууччалыы усердно, старательно
1 #
сыһ
Кирээдэтин мэлдьи Кичэллээхтик көрөр. Күннүк Уурастыырап Эрдэттэн кичэллээхтик бэлэмнэнии биэчэр интэриэһинэйдик барарыгар көмөлөспүтэ. И. Артамонов Үөрэнээччилэр бэйэлэрин олохторун, үлэлэрин кэпсиир хаартыска олбуомун кичэллээхтик оҥорон, тапталлаах учууталларыгар бэлэхтээбиттэрэ И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
Олус кыһамньылаахтык, болҕомтолоохтук. Θ Бережно, заботливо, внимательно. Саҥа төрөөбүт саһыл оҕолорун кичэллээхтик кэтээн көрөллөр Кыым
2 #
Кыһанан-мүһэнэн, кичэйэн
Нууччалыы Усердно, старательно, тщательно
3 #
Харыстабыллаахтык, кэмчилээн
Нууччалыы Бережливо, экономно
"Нам" сопхуос үлэтигэр олоҕуран -- туохха барытыгар кичэллээхтик, хаһаайынныы сыһыаннаһыы сүҥкэн суолталааҕын көрдөрөргө сорунабыт. ДВР ЭНьТ. Ойуур - биһиги барыбыт баайбыт, ону харыстыахха, кичэллээхтик туһаныахха ХС