Перевод с якутского
кичэл
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы старание, усердие; тщательность
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Тугу эмэ олус кыһанан оҥоруу, туохха эмэ кыһамньыны ууруу; кичэйии
Нууччалыы Старание, усердие; тщательность
От бэрт кичэлинэн кэбиһиллибитэ, сытыйбата ини А. Софронов Маастар Махсыым бэрт кичэл тутуулаах оҕонньор буолан биэрбит. Далан Кини биригээдэ биир бастыҥ үлэһитэ, кичэл тутуулаахтара. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Ийэм [матаҕаны] кичэл баҕайытык тистэ А. Сыромятникова
2 даҕааһын #
Олус кыһанар, кыһамньытын уурар, кичэйэр
Нууччалыы Старательный, усердный, тщательный
3 даҕааһын #
Тугу эмэ олус харыстыыр, кэмчилиир
Нууччалыы Бережливый, экономный
Туорах да сиэмэни Тохпот кичэл киһи. Күннүк Уурастыырап Кини бэрт харам, кичэл киһи. Н. Якутскай Тэҥн. кичээҥи
Өссө холобурдар (1)
Киһи дьиҥнээхтик сөбүлүүр, ытыктыыр, эрэнэр киһитигэр эрэ кичэл санаатын кэпсиэн сөп. Софр. Данилов. Сүрэхпэр туох кэрэ баарын Түөрэ түҥэтэн бүтэрдим, Кэриэс ырыабын ыллаары, Кичэл санаабын биллэрдим Баал Хабырыыс
4 даҕааһын #
3. көсп. Истиҥ, мээнэ этиллибэт, кистэлэҥ (хол., санаа туһунан)
Нууччалыы Сокровенный, задушевный (о мысли)