ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киэргэл

аат тыл

Нууччалыы украшение, наряд, убранство

1 аат тыл #

Кими, тугу эмэ киэргэтэр, тупсарар оҥоһук, мал, симэх

Нууччалыы Украшение, наряд, убранство

  • Таас киэргэл. Дьиэ киэргэлэ.
  • Быйыл харыйа оонньуура элбээбит. Ордук -- кылабачыгас киэргэллэр дэлэйбиттэр.
    Н. Лугинов
  • Кини кыһыл, үрүҥ көмүстэн кутан, уулларан араас киэргэллэри оҥороро. ИЕВ СУу. Убайым миэхэ остуол, ыскаап киэргэллэрин оҥорор этэ
    ОАП ОДьТС
Өссө холобурдар (3)
  • Туох эмэ (хол., олох, сир-дойду, айылҕа о. д. а.) көрүҥүн, киэбин тупсарар ким, туох эмэ. Θ Украшение, краса, гордость (жизни, природы и т. п.). [Василий Петров:] Сир олоҕун киэргэлэ, аан дойду алгыһа дьахтар баар.
    П. Ойуунускай
  • Киһи диэн бу аан дойду киэргэлэ буолуох тустаах.
    Суорун Омоллоон
  • Саас буолан, от-мас көҕөрөн, ийэ сир кэрэ солко киэргэлин кэтэн -- турар кэмэ этэ
    Эрилик Эристиин

2 аат тыл #

Ким, туох эмэ киэн туттуута

Нууччалыы Предмет гордости

  • Көмүлүөк оһох, дьиэ бастыҥ киэргэлэ мин буолабын ээ диэбиттии -- нэлэйэн турар.
    Р. Кулаковскай
  • Таас дьиэлээх аҕыс кылаастаах оскуола - сырдык бөһүөлэк киэргэлэ.
    Н. Габышев
  • [Киирик:] Эн биһикки Тамарабыт, оҕобут бүтүн нэһилиэк, холкуос киэргэлэ буолар
    С. Ефремов

«К» буукуба