Перевод с якутского
киэһэ
сыһыат, аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы вечер.
English in the evening
1 аат тыл #
Күнүс уонна түүн икки ардынааҕы быыс кэм
Нууччалыы Вечер. Отчуттар киэһэни быһа үлэлээтилэр. Көрдөөх-нардаах киэһэ буолла. Амма Аччыгыйа. Чуумпу киэһэ налыйда. Эллэй
2 сыһыат #
суолт. Күнүс уонна түүн икки ардыгар
Нууччалыы Вечером. Киэһэ утуйар кэмнэрэ кэлэн, Харытыана эрэйдээх оронун оҥоро турбута. П. Ойуунускай. Киэһэ хараҥа буолбутун кэннэ Гурьянов биһикки инники кирбиини туораатыбыт. Т. Сметанин. Киэһэ уон чаас саҕана уу быһыт айаҕар таһыма балай эмэ үрдээтэ. М. Доҕордуурап. Тат., кич; осм. кедьэ
3 этии #
Нууччалыы Без крайней нужды (с ним лучше не связываться - букв. если есть на сегодня ужин)
Этиилэр
Дьааһык киэһэ көр дьааһык
Дьааһык киэһэ - киһи өлбүт биитэр киһини көмпүт киэһэ. СЛ-8. Арыт өлбүт үөрүн кэритэр Дьааһык киэһэлэр кэлэллэр. Дьуон Дьаҥылы.
Дьоро киэһэ көр дьоро
Дьоллоох дьоро киэһэ буолла. Амма Аччыгыйа Дэлэйэр дьоро киэһэҕэ былыргы сэһэн, таабырын. Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (2)
Киэһэ аһыырдаах киһи - улахан кыһалҕаҕа киирбэтэх киһи Киэһэ аһыырдаах киһи кинини кытта билсибэтэр сөп буолуо этэ. Оксанатааҕар буолуоҕу салытыннарбыт эмээхсин. Киэһэ аһыырдаах киһи ыалласпат ыала. "ЭК"