ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киэһээҥҥи

даҕааһын

Нууччалыы вечерний, происходящий вечером

1 даҕааһын #

Киэһэ саҕана буолар, киэһээ

Нууччалыы Вечерний, происходящий вечером

  • Киэһээҥҥи им саҥардыы сүтэн эрдэҕинэ тохтообуттара.
    Амма Аччыгыйа
  • Киэһээҥҥи саһарҕа килбиэнэ хаптаҕас уута буолан, өрүс ньуурун тэтэрдэ саба халыйбыт.
    И. Гоголев
  • Бэҕэһээ киэһээҥҥи аймалҕан кэнниттэн кини Быыкаа кыыстыын атастыы буолан хаалла
    Н. Заболоцкай

2 этии #

Нууччалыы Вечерняя школа

  • Киэһээҥҥи оскуола - үлэлиир ыччат киэһэ үөрэнэр оскуолата Айаан, киэһээҥҥи оскуоланы бүтэрээт, ыалдьан сонотуоруйга сыппыт.
    Н. Лугинов
  • Үлэлиир ыччат киэһээҥҥи оскуолатыгар үөрэнэн ачыстааты ылар түбэлтэлэрэ үгүс буолааччы.
    В. Алданскай
  • Александра Максимова - уон биирис кылааска киэһээҥҥи оскуолаҕа үөрэнэр. ПДН ТБКЭ. Киэһээҥҥи омурҕан - от үлэтигэр киэһэ аһыыр кэм. Θ Вечерний перерыв на сенокосе. Киэһээҥҥи омурҕан кэнниттэн Төннөрдүү дьиэм диэки хайыстым.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (4)
  • - Киэһээҥҥи омурҕаҥҥа тахсыҥ! - диэн Уйбаан уус эҥээриттэ.
    М. Доҕордуурап
  • Киэһээҥҥи (киэһээ) ыам (ынах) - киэһэ ынах ыанар кэмэ. Θ Вечерний удой. Натаа киэһээ ынаҕын ыан киллэрэн, үүтүн кута сырытта.
    Суорун Омоллоон
  • Сэлиэнньэ дьахталлара киэһээҥҥи ыамнарыгар ынахтарын сайдыыр саҥалара иһиллэр.
    Л. Попов
  • [Оҕолор] күнүскү, киэһээҥҥи ыамнарга дьонноругар ынах хомуйан аҕалаллара. Дьүөгэ Ааныстыырап

«К» буукуба