Перевод с якутского
киҥкинээ
туохтуур
Нууччалыы гудеть громко, раскатисто; гулко звенеть
1 туохтуур #
тыаһы үт. туохт. Бүтэйдик ньиргиһий, дуораһый (саҥа, тыас туһунан)
Нууччалыы Гудеть громко, раскатисто; гулко звенеть (о голосе, шуме)
Сабыылаах хостон үгүс киһи саҥата киҥкинээн иһиллэр. Амма Аччыгыйа Булуус ампаар иһигэр Буочука тыаһа киҥкиниир. С. Васильев Кыаһай саҥата балаҕан иһигэр киҥкинии хаалла Эрилик Эристиин
2 этии #
Нууччалыы Бескрайняя, бесконечно расширяющаяся, девственная тайга
Киҥкиниир киэҥ тайҕа - түгэҕэ көстүбэт, бардар бара турар, бараммат киэҥ тайҕа Киһи-сүөһү сылдьыбатах Киҥкиниир киэҥ тайҕам! С. Зверев Киҥкиниир киэҥ тайҕам үөһүгэр -- Үөгүлүүллэр өлбүт үйэлэр. С. Данилов Киҥкиниир киэҥ халлаан - муҥура биллибэт киэҥ, үрдүк халлаан. Θ Бескрайнее, безграничное безмерное небо. [Уот] киҥкиниир киэҥ халлаан үрдүк өрөһөтүн диэки өрө харбыалаһан таҕыста. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Улаҕата биллибэт, уҥуоргута көстүбэт киҥкиниир киэҥ халлаан диэн биһиги өбүгэлэрбит сөрү-сөпкө ааттыыллар эбит. М. Доҕордуурап