ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

котоку

аат тыл

Нууччалыы бедняга, бедняжка. - Соҕотох киһиэхэ биэс оҕо көрүүтэ-истиитэ, кырдьык ыарахан. - Саҥарыма, хотуой

I

1 аат тыл #

, түөлбэ. Киһи кими-тугу эмэни аһынан, харыстаан этэр тыла: барахсан, эрэйдээх

Нууччалыы Бедняга, бедняжка. - Соҕотох киһиэхэ биэс оҕо көрүүтэ-истиитэ, кырдьык ыарахан. - Саҥарыма, хотуой

  • Котоку күн сирин да көрө илигинэ.
    Күндэ
  • Котокулар, көр, аһынан аҥаарын оҥорбуттар ээ.
    У. Нуолур
  • - Дьиэбит таһыгар үүммүт мастардаах ойуурга тииҥчээннэр уйаланыахтара. Котокулар
    В. Миронов
II

2 #

эб., түөлбэ. Саҥарааччы этиллэр предмеккэ таптыыр, уйаҕас сыһыанын көрдөрөр

Нууччалыы Выражает любовное, ласковое отношение говорящего к предмету речи

  • Чыычаах котоку, оҕотун ииттэр Уһун түбүгэр үйэтэ бүтэр.
    П. Тобуруокап
  • Оҕолор астара-таҥастара хайдах буолла. Оҕом котоку хайдах сылдьара буолла. Көрбөтөҕүм ыраатта.
    И. Данилов
  • - Эн барыый. Аны кулууп уола котокуну кутуругар сөрөөбүт диэхтэрэ
    Э. Соколов

«К» буукуба