Перевод с якутского
эрэйдээх
сыһыат, даҕааһын, тыл
Нууччалыы бедняга
Ис хоһооно · 8
1 даҕааһын #
даҕ
Аппа, хайа, ыарҕа, дулҕа. Кинилэри кыайар, бу эрэйдээх айаны чэпчэтэр, түргэтэтэр кытаанах. Амма Аччыгыйа Тунаар туундараҕа Дьаҥ-дьаһах, эрэйдээх олох Икки атаҕы Имниин эһэрэ. Доҕордоһуу т. Сүүрбэһис үйэ! Эн ырыаһытыҥ – Мин үһүс чиэппэргэр үөрэнним. Ынырык эрэйдээх ыарыыларгын Сүтэрэ ылгыыргар эрэнним. С. Данилов Ити үлүгэр таас хайалары, аппалары быыһынан түһэн барыы кытаанах, эрэйдээх буолуо
Г. Колесов
2 даҕааһын #
Олус ыарахан, муҥнаах; киһи сыратын, күүһүн ылар
Нууччалыы Трудный, тяжёлый, сложный
3 даҕааһын #
Олус түбүктээх, сүпсүктээх, үгүс үлэлээх
Нууччалыы Хлопотный, требующий много сил, полный трудов и лишений, многострадальный
Халыҥ харчыны булуу-талыы эрэйдээх, ыарахан. У. Ойуур Эрэйдээх кэмнэри аастыбыт, охсуһуу хонуутугар хаан ахта, иэдэстэргэ харах уута куурда. Т. Сметанин Эрэйдээх дьылбыт буоллаҕына Иккиһин кэлэн иэдэттэ, Элбэх киһи иитимньитин эһээри гынна Саха фольк
4 даҕааһын #
Бэрээдэгэ, иитиитэ суох, куһаҕан майгыннаах
Нууччалыы Трудный, проблемный (о ребёнке)
Киһи тылын букатын истибэт, дьэ эрэйдээх оҕо диэтэҕиҥ ХС
5 этии #
Нууччалыы Несчастный, невезучий, незадачливый
Этиилэр
Уһун эрэйдээх
олус буомурбут, бары өттүнэн улаханнык мөлтөөбүт, эрэй бөҕөнү көрбүт (бэйэ туһунан кэриэлийии эмиэ буолуон сөп) Ээ, ол мин, уһун эрэйдээххэ туох үчүгэй олоҕо кэлиэй?
Ытыыр да, уһун эрэйдээҕим, суох буолбуту хантан эргитиэҕэй? И. Эртюков
6 #
ыан т
Төрөөн-үөскээн борбуйбун көтөхпүт балаҕаным эрэйдээх тураахтаатаҕыҥ. А. Софронов Эрэйдээҕим оҕото, онно тугу-тугу санаабыта, төһө хоргуппута буолуой?
Суорун ОмоллоонБаһыккалаах эрэйдээхтэр өйдөрүттэн тахсыахтарыгар диэри Ньургуһуннарын аһыйбыттара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Били ийэлэр эрэйдээхтэр Билигин да кэтэһэллэр: "Баҕар... Туох билиэй" дэһэллэр И. Эртюков
7 #
Ким-туох эмэ кыһалҕатын өйдүүр, аһынар, уйадыйар быһыы
Нууччалыы Употребляется при выражении говорящим жалости, сочувствия к предмету высказывания
8 #
Дьону абааһы көрөн, күлэн-намтатан этэр тыл
Нууччалыы Употребляется для выражения говорящим пренебрежения, презрения к предмету высказывания
Биирдэ эмэтэ тугу эмэ саҥараары гыннахпына, төрүт саҥарпат – эн эрэйдээх тугу билэҕин, акаары, оннук маннык диир. Н. Неустроев [Ньукулай:] Эрэйдээх оҕолор, тугу эрэ билэр буолан ынаһыйа сиэлэн эрэр буолла А. Софронов Бэйэни сэнэнэр, түһэринэр тыл. Θ Употребляется для выражения говорящим уничижительного отношения к себе. [Спиридон:] Ээ, ону мин эрэйдээххэ кэпсиэ дуо. Бука, таах тахсыбатах киһи буолуо эбээт. С. Ефремов
Өссө холобурдар (2)
[Акаары уол – аҕатыгар:] Эн кыһамматаххына, мин эрэйдээх хайдах буолуомуй. Н. Неустроев Мин эрэйдээх, киһи санаатын хайдах диэн мээрэйдиэм буоллаҕай? Бэйэм даҕаны илини-арҕааны билбэт курдукпун Н. Неустроев