Перевод с якутского
кулут
аат тыл
Нууччалыы раб.
English slave, servant
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Туох да бырааба, бас билиитэ суох, бэйэтэ киһи бас билиитэ буола сылдьар киһи
Нууччалыы Раб. Тыыннаах ордубут эр дьон хандалы кэтэн кулут буолбуттара. П. Ойуунускай. Кулуттар уонна колоннар бастаанньаларыттан күүһэ өһүллүбүт Арҕааҥы Римскэй империя 476 сыллаахха "варвардар" сууһарыылаах охсууларыттан самныбыта. АЕВ ОҮИ
2 аат тыл #
Көлөһүннээһиннээх уопсастыбаҕа тутулуктаах баттаммыт-атаҕастаммыт киһи
Нууччалыы Зависимый, угнетенный человек (в условиях эксплуататорского общества)
- Миэхэ үөрэхтээх разночинецтэр наадата суохтар, миэхэ тыл-өс аахсыбат кулуттар наадалар. И. Тургенев (тылб.)
3 аат тыл #
хаарты. Таҥас хаарты саамай кырата
Нууччалыы Валет. Кулут, тойон, хотун хаартылары ылан ыйдаҥарда-ыйдаҥарда, ботугуруу-ботугуруу кулгааҕар даҕайан иһиллэтэлиир. Суорун Омоллоон. Ойоҕоско чиэрбэ кулута сытар, ис диэки - чиэрбэ тууһа, кытыыга буугунай аҕыһа түспүттэр. Г. Угаров. ср. тюрк. кул 'раб, холоп'
4 этии #
Кулуту бас билээччи истор. - былыргы кулуттааһыннаах уопсастыбаҕа кулуту бас билэр киһи Кулуту бас билээччилэр кулуту атыылыыр, атыылаһар, кырбыыр, өлөрөр да бырааптаахтара. КФП БАаДИ. Кулут дьахтар - кулут балаһыанньатыгар сылдьар дьахтар. Рабыня. Кулут дьахтар оҕото кулут төлкөлөнөн төрүүрэ. КФП БАаДИ. Нэктэл кулут - саамай кирдээх, мара, ыарахан үлэни толорор киһи, кулут-хамначчыт. Батрак, выполняющий самую грязную работу. Нэктэл кулут баайга үлэһит кулут буолуохтаах. БСИ ЛНКИСО. Энньэ кулут - сүктэн барар баай кыыс энньэтин иһигэр киирсэн барсыһар кулут (хамначчыт). Батрак (раб), входящий в состав приданого богатой невесты. Энньэ кулут диэн кыыс энньэтигэр тоҕус-уон икки оҕоҕо тиийэ барыахтаах. БСИ ЛНКИСО
Нууччалыы Рабовладелец
← «К» буукуба
Бары тылларга тылбаастаа →