Перевод с якутского
курулаа
туохтуур
Нууччалыы оставлять на год
English to set aside for next year
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Нууччалыы оставлять на год
English to set aside for next year
оту курулаа оставить траву на следующий годto set aside grass for next year
2 туохтуур #
тыаһы үт. туохт. Күүстээхтик бүтэҥитик тыаһаа, тохтоло суох буолар тыастары таһаартаа
Нууччалыы Издавать непрерывный сильный глухой шум, напоминающий громкий шорох, шуршание
Кутар күүс ардахпыт хойуутук курулаан – Тохтообот күүстээхтик тоҕунна. Күннүк Уурастыырап "Хоптолоох" сиһиттэн – Көстөкүүннээх кыһыҥҥы олохторуттан артыал миэлиҥсэтин тыаһа курулаан иһиллэр Дьүөгэ Ааныстыырап
3 туохтуур #
Туох эмэ ситэ туттуллубакка ордон хаалбытын хойут туттарга, туһанарга анаан хаһаан
Нууччалыы Оставлять что-л. неиспользованное про запас на будущее. [Айаал:] Биһи бүгүн тойоммутугар, Үөксүкү кулубаҕа, от курулаатыбыт
Бу [көһөрбүт] күөлүн олоҕо ходуһа буолуон тухары, бэйэтэ от атыылаан, от курулаан, дойду түүлээн, дьэ, эбии көнөн барбыта Эрилик Эристиин
4 туохтуур #
Сүөһүнү идэһэ оҥосторго анаан уот
Нууччалыы Откармливать скот на убой (в течение года или нескольких лет)
Оҕустарын курулаан-уотан сылдьаллар. Саха ост. I. Необутовтар биир оҕуһу икки сыл курулаабыттар ХС
5 туохтуур #
Саас кыстык дьиэ таһын, ходуһаны бөхтөн-сыыстан, сүөһү сааҕыттан о. д. а. ыраастаа
Нууччалыы Очищать двор или покос от скотского помета и мусора
Урут оройуоннар олохтоохторо оттуур ходуһаларын саас күөх от саҥа тахсан эрдэҕинэ курулууллара