Перевод с якутского
куубак
аат тыл
Нууччалыы кубок (спортивный приз). [Сидор Павлов] элбэх дипломнарынан, жетоннарынан, куубактарынан наҕараадаламмыта
1 аат тыл #
Спортивнай күрэхтэһиилэргэ кыайбыттарга бириис быһыытынан туттарыллар, үксүгэр киэргэтэн оҥоһуллубут хороҕор чорооннуҥу быһыылаах иһит
Нууччалыы Кубок (спортивный приз). [Сидор Павлов] элбэх дипломнарынан, жетоннарынан, куубактарынан наҕараадаламмыта
Хапсаҕай. Былааҕы былырыыҥҥы сүлүөт кыайыылаахтара таһаараллар уонна былырыын ылбыт куубакатарын туттараллара ҮөАЧҮ
2 аат тыл #
Арыгы иһэргэ аналлаах ыарахан, халыҥ былыргы иһит
Нууччалыы Кубок (чаша для вина)
"Халбаһы мас" аһыттан олохтоохтор чааскылары, куубактары оҥороллор, араҕас кыраасканы ылаллар. ДьДьДь. Олороллор үс эр бэртэрэ; Им-ньимнэр, хомуос иччитэх, Иҥнэйбэт куубак иһиттэрэ.
А. ПушкинДолбуурдарга муннук ахсын иһит-хомуос эгэлгэтэ: -- венецианецтар, туурактар, чэркиэстэр оҥорбут кыһыл көмүс дуйдаах чааркалара, быһан оҥоһуллубут ойуулаах үрүҥ көмүс куубактар кэчигирэспиттэр этэ. Н. Гоголь (тылб.)