Перевод с якутского
чороон
аат тыл
Нууччалыы якутская национальная посуда: резной деревянный кубок для питья кумыса (имеет различные размеры, на одной или трёх ножках, украшается разным узором), чорон
1 аат тыл #
Кымыс иһэргэ аналлаах саха иһитэ: үксүгэр мастан быһан оҥоһуллар, ортотунан култаҕар быһыылаах, араас кээмэйдээх, биир эбэтэр үс атахтаах, араас оһуордаах буолар
Нууччалыы Якутская национальная посуда: резной деревянный кубок для питья кумыса (имеет различные размеры, на одной или трёх ножках, украшается разным узором), чорон
Улахан тойотторго анаан, үтэһэлэргэ эт үөлбүттэр, чорооннорго арыылаах кымыс тарпыттар. Күннүк Уурастыырап Хотун дьахтар ытарҕата илибирии-илибирии дьоҕус чорооҥҥо кымыс аҕалан уунна. И. Гоголев Учуонай А. П. Окладников суруйарынан, чороон аан дойду норуоттарыгар хайаларыгар да суох, сахаларга эрэ баар иһит Саха с
2 этии #
Нууччалыы Небольшой, узкий чороон
Этиилэр
Дьорохой чорон
синньигэс, кыра чороон Аттыгар – быдараак, бэлкэй, дьорохой чорооннору уураллар.
К. Уткин.
Сиэллээх чороон
сылгы сиэлинэн киэргэтиллибит чороон.
Деревянный чорон, украшенный по кругу пучками конского волоса.
Аллаах аппыт барахсан
Арыылардаах кымыһын Бастыҥ сиэллээх чорооҥҥо Адьырыччы кутаммыт Айах тутан тураммыт – Уруй-айхал этиэҕиҥ!
[Кулун Куллустууру] Тоҕус бухатыыр көтөҕөр Томторҕолоох сиэллээх чороонунан Туспа айах туппуттар. ТТИГ КХКК
Тойон чороон
мааны, улахан чороон.
Чорон большого размера, предназначенный для почётных гостей.
Нүһэр Дархан уонна Сынаҕы Баай сэргэстэһэн олорон сиэллээх тойон чорооннортон кымыс иһэллэр. И. Гоголев
Чороон айах көр айах II
Чороон айах чуоҕуйда, Кэриэн айах кэккэлээтэ -- Эҕэрдэлээх ыһыах диэн буолла! Саха нар. ыр. II. Чороон айах, кэриэн ымыйа, таҥалайдаах ыаҕас -- олус мындыр, уустук оҥоһуулаах, үтүө иһиттэр баар этилэр. Күннүк Уурастыырап [Маһарах] сиэнэ дьаарбайа кэлбитигэр үөрэн-көтөн, сиэллээх улахан чороон айахха тобус-толору арыылаах кымыһы бэйэтинэн көтөҕөн аҕалан, айах туппут. Эрилик Эристиин
Чороон кырыыппа
көҥдөйө бэс мастан оҥоһуллубут, тас быһыытынан чорооҥҥо майгынныыр кырыымпа.
Якутский национальный смычковый инструмент, сделанный из сосны и по форме напоминающий чорон.
Чороон кырыыппа тарбаҕынан баттанан оонньонор. ЧАИ СБМИ. Тарбаҕынан оонньонооччуларга чороон кырыыппа уонна таҥсыр киирэллэр. ХС
Чороон от
хараҥа күөх сибэккилэрдээх, уһун синньигэс сэбирдэхтэрдээх үрдүк сирдэргэ, томторго үүнэр эмтээх от.
Горечавка крупнолистная (название растения).
Күөх курустаал чааскыны Чороон оттор ууннулар. Баал Хабырыыс Тиэргэммит иһэ, сайылыкпыт хонуута -- алтан отунан, күөх, кыһыл тимэх курдук сибэккилэринэн, чороон отторунан, таҥара кийииттэринэн симэммит ахан буолаллар. ХС
Өссө холобурдар (1)
Ср. алт., кирг. чара ʽбольшая чашаʼ