ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чороҥолоо

  • чорой диэнтэн б. тэҥ көстүү. [Симэхсин эмээхсин] этэрбэһин быатыттан иҥнэн умса баран түһэн, атаҕа чороҥолоон, этэрбэһин быата иэнин таһыйан саллырҕатта.
    П. Ойуунускай
  • Батыллыбыт хомураҕыттан оронон иһэн көөртө, арай киниттэн чугас киһи атаҕа чороҥолуур.
    В. Протодьяконов
  • [Тойон кыыл] сойуо уһун тыла чороҥолоон, уот кыһыл бэлэһэ көбүөхтээн, ис-иһиттэн дуолан кимиэллээхтик чаҥырҕаан ылбахтаата. В. Яковлев

«Ч» буукуба