ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

куурус

аат тыл

Нууччалыы курс

Ис хоһооно · 5
I

1 аат тыл #

Үксүгэр кылгас болдьохтоох араас идэлээх дьону бэлэмниир үөрэх

Нууччалыы Курс (краткосрочная учеба по подготовке специалистов)

  • Хобороос кыыспыт билигин Куорат куурсун бүтэрэн, Хоту дойду муннугар Хорсуннаахай үлэһит. Эллэй. Ананий Золотовскай баартыйа уобаластааҕы кэмитиэтин иһинэн аһыллар алта ыйдаах кууруска үөрэнэ барар
    М. Доҕордуурап

2 аат тыл #

Үрдүкү уонна аналлаах орто оскуолаҕа үөрэнии биир сыла

Нууччалыы Курс (год обучения в вузе)

II

3 аат тыл #

Айаннаан баран иһэр хайысха

Нууччалыы Курс (направление пути)

  • "Хараап куурсун сүтэрдэ, - диир Николка. - Ханна эрэ саҥа гавань булла быһыылаах. "
    Н. Габышев

4 аат тыл #

Бэлиитикэҕэ сүрүн хайысха

Нууччалыы Курс (в политике)

  • Азия уонна Африка үгүс дойдулара сайдыы куурсун суолугар туруннулар. МНА ФГ
III

5 аат тыл #

Харчы, сыаналаах кумааҕы эргиэҥҥэ туттуллар күннээҕи сыаната, кыаҕа

Нууччалыы Курс (денег, ценных бумаг)

  • Кинигэ тиэкиһигэр уонна сыһыарыы табылыыссаларга туттуллар сыыппаралар барылара харчы урукку куурсунан ылыллыбыттара
    АВН КХАТО

«К» буукуба