Перевод с якутского
ыллыктаа
туохтуур
Нууччалыы определить направление, курс, верное русло развития чего-л. [Лэгиэн:] Гаврил Нилович, бу саҥа булчуттары кытта сэһэргэс, суолларын иистэрин ыллыктаан, соргулаан биэр
1 туохтуур #
Туох эмэ сайдар тосхолун, хайысхатын быһаар, ыйан-кэрдэн биэр
Нууччалыы Определить направление, курс, верное русло развития чего-л. [Лэгиэн:] Гаврил Нилович, бу саҥа булчуттары кытта сэһэргэс, суолларын иистэрин ыллыктаан, соргулаан биэр
Доргууйап сопхуос сайдыытын ыллыктыырга, хаһаайыстыбатын өрө көтөҕүүгэ, барыстаахтык үлэлиири ситиһэргэ санааны тобула сатаан олус да эрэйдэннэ даҕаны этэ. В. Протодьяконов Баартыйа оччотооҕуга ыччаты ыллыктаабыт ыйыылара уонна сүбэлэрэ билигин да кэмигэр суолталарын сүтэрбэттэр ХС
2 туохтуур #
Сыарҕа соһулларыгар чэпчэки буоллун уонна элэйбэтин диэн сыҥааҕын аннынан батыһыннары уһун синньигэс тимирдээ
Нууччалыы Закреплять узкую железную пластину вдоль полозьев саней для скольжения
Ат соһоругар аналлаах, модьу-таҕа оҥоһуулаах, сабыс-саҥа доруобунньа сыарҕаларын сыҥааҕын ыллыктаан кэбистилэр. Дьэ, сыарҕа, да сыарҕа! Н. Габышев