Перевод с якутского
ыллык
аат тыл
Нууччалыы тропа, тропинка
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Сатыы киһи эбэтэр сүөһү эрэ сылдьар кыараҕас суола
Нууччалыы Тропа, тропинка
Сөдүөччүйэлээх титиик кэннинээҕи иһирик ойуурга киирэр сүөһү ыллыгынан бардылар. Амма Аччыгыйа Чүөчээски ынах ыллыгын ойоҕоһугар турар уот сиэбит көҥдөй тиитин иһигэр киирэн хаалла.
Суорун ОмоллоонБиир түөрэм хараҥа ыркыйга киирэн иһэн көрбүтэ, эһэтэ тайах ыллыгар бу уун-утары кытара сытар эбит. Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
Туундара. Саатар ыллык да оҕочооно суох эбээт ХС
2 аат тыл #
Тимир суол рельсэтэ
Нууччалыы Рельсы по которым движутся колёса вагонов
Арыт биһиги тимир суол ыстаал ыллыктарын туораан ааһарбыт. И. Федосеев Киһи хараҕа көрбөт ырааҕыттан сыыйыллан тимир суол ыллыктара сыталлар. Эрилик Эристиин Уон аҕыстаах кыысчаан Раймонда Дьян Вьетнам сэриитин бырачыастаан, саалаах-сэптээх пуойас айаннаан иһэр тимир ыллыгар туора түспүтэ ХС
3 аат тыл #
Туох эмэ суола, тосхоло, туруоруллар хайысхата
Нууччалыы Поставленная цель, направление чего-л
Кини латыш литературатын уопсастыбаннай охсуһуу ыллыгар киллэрбитэ, таһымын быдан үөһэ көтөхпүтэ. Софр. Данилов. Киэҥ ыллыкка киллэрбит, үөрэх сырдыгын биэрбит Ытыктабыллаах учууталым! И. Гоголев Тус бэйэҥ туруулаһыах тустааххын. Оччоҕо эрэ бу ыллыктарыҥ арыллан ол дьолго тиэрдиэхтэрэ. ХС Ср. якут. ыыр ʽтропаʼ, ДТС из ʽследʼ
4 аат тыл #
Сыарҕа айанныырыгар (халтарыйарыгар) чэпчэки буоллун уонна элэйбэтин диэн сыҥааҕын аннынан батыһыннары сааллар уһун синньигэс тимир
Нууччалыы Узкая железная пластина, закрепляемая вдоль полозьев саней, подреза для скольжения
Ыллыктаах сыарҕа аалыҥныырыттан салҕан хаалбыт Коля Манасов кэпсэтиитин тохтотто. Эрилик Эристиин Сыарҕа ыллыга араастаан кыыкыныыр, куучугуруур, сырдьыгыныыр. Н. Габышев Сотору кини сыарҕатын сыҥааҕын үүттээн баран урут тардыллыбыт бэлэм ылахтаах атахтары олордон барда. Баттык, ыллык саайда Д. Кустуров