ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыллыктаах

даҕааһын

Нууччалыы правомерный, закономерный; приемлемый, разумный

1 даҕааһын #

Сөптөөх, сиэрдээх; сиэри-майгыны тутуһар, уһун-киэҥ санаалаах

Нууччалыы Правомерный, закономерный; приемлемый, разумный

  • Ыллыктаах ыйытыы.
  • Биир эмэ ыллыктаах киһи баар дуо? Суох!
    Амма Аччыгыйа
  • [Уулаах] урут бандьыыттары син ыллыктаах дьон буолуохтара дии санаабыт итэҕэлин сүтэрдэ.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
  • Дайыыл Дьөгүөрэбис киҥнээх-киҥнээх дииллэр да, ыллыктаах санаалаах үтүө киһи.
    Н. Босиков
  • Дүлүҥү туруору аспыт курдук буола сытыйаҥҥын, эйиэхэ итинтэн ордук киэҥ-куоҥ, ыллыктаах санаа кэлииһи дуо?!
    ХС

2 этии #

Нууччалыы Убедительное, разумное, умное слово

Этиилэр

Ыллыктаах тыл

дьоҥҥо-сэргэҕэ ылыннарыылаах, сөптөөх, сиэрдээх, үтүө тыл Биир эмэ ыллыктаах тылы тылласта дуо?

  • Сатаатар ыллыктаах тылы эппит киһи бэрт да буолуо этэ.
    А. Бэрияк
  • Тэрэнтэй сымнаҕас, ыллыктаах тылынан кэпсэппититтэн кини үөрдэ, санаата көтөҕүлүннэ. Д. Таас

«Ы» буукуба