ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыам

Нууччалыы неизмеримый, несметный, неисчислимый

1 #

кыама суох - муҥура суох, муҥура биллибэт, холооно суох

Нууччалыы Неизмеримый, несметный, неисчислимый

  • Кылыыһыт дьон Кылыйсан кыыралдьытан Кытыан-билэ дьону Кыама суох саататтылар.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Кырбыах да курдук Кыама суох кыйаханнылар,
    А. Софронов
  • Эһэ иҥсэ кырдьаҕас Эмэх маһы ыста - Кыама суох кымырдаҕас Кыынньан аҕай таҕыста
    Е. Васильев

2 этии #

Нууччалыы Притеснять, угнетать, несправедливо ограничить кого-л. в правах и действиях

  • Кыам үктээ - кими да өрө көрдөрбөккө саба баттыы сырыт Кыралары наар күргүйдүүр, Кыайан-хотон кыам үктүүр, "Топпут" диэччилэр итинник Тосту тойомсук киһини.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Буордаахап] эр ылан, көмүскэтэн, өссө кыыла туран, хараҕа уоттанан, барыларын кыам үктээри салгыы этэн-тыынан, кутан-симэн эрдэҕинэ нэһиилэ тохтоттулар.
    В. Ойуурускай
  • Кэлин уһугар -- кыам үктээбиттэр, кытара уойбуттар уодьуганнара тардыллан, тыыннара дьэ быһынна. Д. Апросимов

«К» буукуба