ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыбыы

аат тыл

Нууччалыы отгороженное место между хотоном и загоном для скота, куда складывают запасы сена; сеновал без укрытия

I

1 аат тыл #

Кыстыыр сүөһүнү аһатарга кэбиһиилээх оту тиэйэн аҕалан хаһаанарга анаммыт, хотон икки дал икки ардыгар "кыбытыллыбыт" күрүө. Хотоҥҥо оту түннүгүнэн киллэрэргэ табыгастаах

Нууччалыы Отгороженное место между хотоном и загоном для скота, куда складывают запасы сена; сеновал без укрытия

  • Былыргы оҕо күһүн, саас кыбыыга, далга от сыыһа тохтубутугар туллугу доҕуурдуур идэлээҕэ. Софр. Данилов. Кыбыыга баайыллан турар атаҕа суох оҕуһу көрөөт, биэлсэр дьэ өйдөөтө: киниэхэ оҕус атаҕын эмтэтээри гынар эбиттэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини, төһө да тоҥнор, отун киэҥ кыбыыга өр астаһан сүөкээтэ
    А. Федоров
II

2 аат тыл #

Ол-бу кыраны ыла, уора сылдьыы, ылыгас буолуу

Нууччалыы Мелкая кража, воровство

  • Маҕаһыыннартан, ыскылааттартан малы-салы кыбыы түбэлтэлэрэ эмиэ үүнэ турар. "Саха с. " - "Ылыгас" диэн тугуй? - Туй-сиэ! Саха эрээри сахалыы билбэт эбиккин дуу? Ыйытыыта суох ону-маны кыбыы аата
    Кустук

«К» буукуба