Перевод с якутского
кыбычыын
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы очень узкий, тесный
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
Киһи, сүөһү сылдьарыгар олус кыараҕас, кыбыллаҕас
Нууччалыы Очень узкий, тесный (напр., улица)
эн хараарбыт дьиэлэр тулалыы турбут тэлгэһэлэригэр кыбычыын уулуссанан киирдибит. С. Тарасов Икки улахан тумулаттар икки ардыларынан ааһар кыбычыын аартыкка, Даҕанча көрдөҕүнэ, тайах суола хааннаммыт этэ. Далан Сылгы сүрүн кээмэйдэрин көнө муосталаах, аналлаах кыбычыын хааччахха киллэрэн туран ылыллар. Сылгыһыт с
Өссө холобурдар (2)
Арыт муҥурданан хаалар холлорооннор, кыбычыыннар устун баран төннөрө. Болот Боотур Сороҕор, ордук эдэр биэ, кычыгыланан оҕотун эмнэрбэккэ быһыта тэбиэлээн өлөрөр. Ону эмиэ көрөн туран кыбычыыҥҥа киллэрэн атаҕын бакаайылаан эмнэриллиэхтээх НПИ ССЫа
2 даҕааһын #
Ыарахан, эрэйдээх, тиийиммэт-түгэммэт, кырыымчык
Нууччалыы Тяжелый, трудный, бедственный, терпящий материальные затруднения
Олохтоох эргиэн тэрилтэтэ киниэхэ бултатан, эт, ас кыбычыын кэмигэр дьону бэркэ абырыыр буолара. Сэмээр Баһылай. Олус кытаанах кыбычыын кыстык кэлиэхтээҕэ. СМН ТС. Аҕата, бэйэтэ да мөлтөх эрэйдээх, ол кыбычыын сылларга, ас мөлтөх сылларыгар ас барбат буолан, олох сытан хаалбыта. Түһүлгэҕэ т Биһиги эн дьаһалгын соруйан амырыын сурахтаан-садьыктаан туран оҥордубут эрээри, кыбычыынтан аҕыйах сүтүктээх кылбардык таҕыстыбыт.
Н. ЛугиновКэргэттэргин илдьэ бу кыбычыынтан көстөххүнэ табыллыыһы. П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
Ол түмүгэр матырыйаалынан уонна техниканан хааччыйыыга кыбычыыннар үөскүүллэр Кыым
3 даҕааһын #
Сэрэхтээх, эндиэ, сиэрин табан быһаарыыны эрэйэр
Нууччалыы Затруднительный, требующий чуткого, тактичного отношения, щепетильный
Рабочком ити кыбычыын боппуруоһу быһаарыыга өйдөтөр, быһаччы тэрийсэр үлэлэри таба дьүөрэлииргэ кыһанара ЯАМ ҮүСС
4 аат тыл #
Кыараҕас, синньигэс сир
Нууччалыы Узкий проход, теснота
5 даҕааһын #
Мэһэй, харгыс, ыарахаттар, күчүмэҕэйдэр
Нууччалыы Трудности, проблема; тяжелое, трудное положение