ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыйыр

туохтуур, даҕааһын

Нууччалыы скисать вследствие долгого брожения в теплом месте

I

1 туохтуур #

Көөнньөн баран, уһуннук сылааска туран аһый (үксүн үрүҥ ас туһунан)

Нууччалыы Скисать вследствие долгого брожения в теплом месте (обычно о молочных продуктах)

  • Айах тутаары көөнньөрбүт Кымыстара кыйырда.
    С. Данилов
  • Кэтириинэ саар саҕана Эриэккэскэ эрэ кэлэр Эриэн килэгир бэчээттээх Дьэҥкир ыраас иһиттээх Ыксарытык кыйырбыт Оруомнуура арыгы.
    С. Зверев
  • Өссө иэдьэгэй кыйырбыт эбэтэр амтаннаах буоллаҕына үүттээх уу булкуспут суурадаһынынан иэдьэгэй үрдүгэр кутуллар, онтон мөлтөх уокка сылытыллар
    ДьСИи
II

2 даҕааһын #

Бытархай уонна элбэх үксүн киэҥ сиринэн халыҥнык сытар таас эбэтэр муус туһунан

Нууччалыы Мелкий, измельченный (напр., камень или лед, покрывающий большую площадь)

  • Хаамар экскаватордар -- тимир тиистэринэн кыйыр тааһы үлтү хадьырыйан самасыбаалларга кутан лүһүгүрэтэллэр.
    Суорун Омоллоон
  • Кыйыр муус кырылаата Кытылга анньыллан, Халҕаһалыы уһунна Буур табалыы харсыһан. Доҕордоһуу т. Арыт кыйыр тааһынан, арыт ыт мунна баппат симилэҕинэн айанныыллара
    ХС

«К» буукуба